Пословицы:Советскай кэмнээҕи өс хоһоонноро уонна тыл номохторо
Олох олоруу — Ийэ дойдуга иэһи толоруу.
Жизнь прожить — перед Родиной долг выполнить.
Төрөөбүт дойдугун хараҕыҥ харатын курдук харыстаа.
Береги свою Родину, как зеницу ока.
Биир киһи — барыбыт туһугар, барыбыт — биир киһи туһугар.
Один — за всех, все — за одного.
Саҥа ыччат санаата күүстээх.
У молодого поколения воля сильна.
Сэргэх хаһан да хаалбат. Бдительностъ всегда пригодится.
Аан дойдуга туохтан да үчүгэй эйэ, туохтан да куһаҕан иҥсэ.
На свете самое лучшее — мир, самое худшее — жадность.
Колхоз моонньо суон, илиитэ эрчимнээх.
Колхоз могуч и силен (досл.: шея у колхоза могучая, руки сильные).
Саҥа кэм — саҥа кыах.
Новые времена — новые возможности.
Киһи да сүөһү да айаҕынан.
И человек и скот — своим питанием.
Ким үлэлээбэт, ол аһаабат. Кто не работает, тот не ест.
Киһини үлэ киэргэтэр. Труд украшает человека.