Павел Семенов - Көмүс күһүн

Материал из Саха Тыла
Перейти к: навигация, поиск

Таһырдьа ардах түһэр,
Таммахтар кэпсэтэллэр,
Кэлбиккин биллэрэҥҥин,
Түннүкпэр тоҥсуйаҕын,
Эн, көмүс күһүн.

Хонноххун хоннотторгун,
Былыттар халыйаллар.
Хараххын арыйдаргын,
Хатыҥнар саһараллар,
Эн, көмүс күһүн

Припев:
Эн күһүн, хаһыҥныыра, доҕоччугуом,
Мин санаабын үөрдэҕин.
Эн, күһүн, алтанныыра аламайын,
Мин ырыабар ылланыан

Хатыҥтан түһэрэҕин
Саһарбыт сэбирдэҕи,
Билбэккин, сэрэйбэккин
Төннүбэт дьылҕалааҕын,
Эн, көмүс күһүн

Онтон эн кэми кытта
Төттөрү эргиллиэҕиҥ,
Сүрэхпин долгутаҥҥын,
Тапталы аҕалыаҕыҥ,
Эн, көмүс күһүн.

Личные инструменты
Пространства имён

Варианты
Действия
Навигация
Инструменты