Павел Семенов - Дууһам мөккүөрэ

Материал из Саха Тыла
Перейти к: навигация, поиск

Павел Семенов
Дууhам мөккүөрэ
("Бар дьоммор" альбомуттан, 1998)


Күн күлүмүрдэс уотуттан
Хараҕым саатарын күрэтэн,
Сарсыардааҥҥы сииги
Ортотунан кэhэн барабын.
Тиийиэхтээх сирбэр булгуччу
Баар буола охсоору соhуччу
Санаабын уурбуппун,
Толкуйбун мин тоhуппуппун.

Хос ырыата:
Ол эрэн мин дууhам мөккүөрэ
Кылгас да суолу уhатар.
Сирим-уотум, дьонум түөлбэтэ
Ыраас салгынныы угуттатар.

Айаҥҥа көстөр айылҕам
Араас дьикти кэрэ көстүүтэ
Дууhам мөккүөрүн бутуйар
Күөрэгэй дьырылас ырыата.
Уоскуйбаппын тоҕо эрэ,
Санаан кэлэ турар курдукпун,
Сутэрбиппин тугу эрэ,
Хаалларбыппын бу олоххо.

Личные инструменты
Пространства имён

Варианты
Действия
Навигация
Инструменты