Кырыыстаах кыраабытын курдук...
Кырыыстаах кыраабытын курдук… / Как будто кто-то проклял…
Идэлги (Скрябин Василий Васильевич)
Сэhээн / Повесть
Миитэрэй Сэмэнэбис бүгүн эрдэ турда, онуһу бүтэрэр уолугар куораттан оскуола баалыгар кэтэр саҥа көстүүм уонна түүппүлэ атыылаһыахтаах. Төһө да олох ыараханын, үп-харчы кэмигэр кэлбэтин иһин, хас биирдии төрөппүт оҕото атыттартан итэҕэс таҥастаах буолуон баҕарбат. Ол иһин сорох ардыгар кыһалҕаттан сыл тахсыбыт ынахтарын, кыстаабыт сибиинньэлэрин туттарга күһэллиилэрэ да баар буолааччы. Махсыымаптар бу үөрүүлээх бэлиэ күҥҥэ эрдэттэн харчы ууруммуттара. Сиэнньэ оскуоланы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрэн эрэр, аҕатын курдук хирург буолуон баҕарбат, суут-сокуон үлэһитэ буолар санаалаах. Кыыстара Ньургуу сэттис кылааһы бүтэрдэ, ийэтин Татыйаана Романовнаны солбуйан биология учуутала буолуом диир.
Дьиэлээх киһи таһырдьа тахсан, ампаартан муус уутун биэдэрэҕэ кутан дьиэҕэ киллэрдэ уонна чаанньыгы уунан толорон, оргутаары уокка холбоото. Ол кэннэ спортивнай суумкатын, паспорын уонна харчытын булунна. Суунан, тараанан, бэҕэһээ киэһэ бэлэмнэниллибит таҥаһын таҥныар диэри кэргэнэ Татыйаана күөрчэх ытыйа охсон, сарсыардааҥҥы аһылыгы остуолугар тардыбыт. Эр киһи үүттээх итии чэйи сыпсырыйан иһэ-иһэ, килиэбин моонньоҕонноох күөрчэххэ оймоон ыла-ыла, сып-сап аһыы олордо. Ол быыһыгар кэргэнин таптыы көрө-көрө, бу киһиэхэ биирдэ бэриллэр кылгас олоххо үчүгэй дьахтарга таба тайанан, бэрт иллээхтик олороллоругар дьылҕатыгар махтана санаата. "Икки оҕотун күн күбэй ийэтэ, таптыыр уонна ытыктыыр кэргэнэ, толбонноох суһуохтаах, кэрэ сирэйдээх, сытыары-сымнаҕас майгылаах талыы-талба Татыйааната, көрдөххө аргыый аҕай сылдьар курдугун да иһин, дьиэ иһинээҕи үлэни бүтэрэоһоро охсубут буолааччы. Ол быыһыгар оҕолоругар уонна кэргэнигэр туохха эрэ көмөлөһөр, тугу эрэ сүбэлии-амалыы охсор, таҥастарын-саптарын бэрийэр. Бүгүн эмиэ Миитэрэйин кытта тэҥҥэ туран, бу аһата уонна атаараары олордоҕо. Аны сорох дьахталлар күннэтэ түүн тэлэбиисэр киинэтин көрөн утуйбаттар уонна сарсыарда кыайан туран быстыбаттар. Эгэ эр киһи эрдэ туран ханна эрэ айанныырыгар, бултуу барарыгар кыһаллыахтара дуо? Суох... Бэркэлээтэҕинэ, эрдэрэ сарсыарда аһыыр аһын киэһэ бэлэмнээн, халадьыылынньыкка угаллар, тиэрмэскэ итии чэйи кутан кэбиһэллэр",- Миитэрэй уһуннук ону-маны саныы олорор солото суоҕа, аһыы охсон, бараары таҥна турдаҕына, кэргэнэ Татыйаана таҥаһын-сабын көннөрө, соппута буола сылдьан:
— Доҕоор, үчүгэйдик сырыт... көстүүмнүн уонна түүппүлэҕин үчүгэйдик көрөн ылаар. Аны чэпчэки эрэ диэнҥин эргэрбит муоданы дуу, хаачыстыбата суоҕу дуу ылан кэбиһээйэҕин, — диэн сүбэлиир уонна сэрэтэр.
— Сөпкө этэҕин, маҕаһыыҥҥа үчүгэй табаар аҕыйах, оттон баһаарга албынныыры улахаҥҥа уурбаттар. Хата, тыа киһитэ сордооҕу оннук албыннаатыбыт, маннык кыайдыбыт диэн айаҕаланыахтара. Чэ, пока, киэһэ сөпкө кэлэ сатыам, — эр киһи кэргэнин кууһан ылан иэдэһиттэн уураан "чоп" гыннарар уонна таһырдьа тахсар.
Халлаан ып-ыраас, кыырпах да саҕа былыт баара көстүбэт. Күнүһүн куйааран сырылатар чинчилээх. Дьон ситэ-хото тура илик буолан, массыына тыаһа аҕыйах, киһи-сүөһү уулуссаҕа көстүбэт. Миитэрэйдээх Майаттан Төҥүлүлүүр суол илин өттүгэр ойууру солоон, саҥа дьиэ туттан киирбиттэрэ үһүс сыла. Хайа саха киһитэ сайын барахсаны ахтыбат, сайын саҥаспыт кэлэрин кэтэспэт буолуой? Сайын саха олоҕун салайар, саха олоҕун саргылыыр, саха олоҕун сарсыҥҥылыыр. Самаан сайын салаллан, от-мас муҥутуу ситэн, тупсан аҕай турар. Чаҕылхай сырдык от күөҕэ өҥнөөх сиппит мутукча дыргыл, киһини туймаарытар сыта-сымара саха киһитин этигэр-хааныгар сайа охсон киирэн, сүрэҕин-быарын быллыгыратар, кутун-сүрүн долгутар. Онуоха эбии сарсыардааҥҥы салгын ырааһа, сөрүүнэ эчи үчүгэйин...
Миитэрэй эмчит буолан, күннэтэ балыыһа эмп сыттаах салгынынан ыынар. Сарсыардаттан киэһээҥнэ диэри, үксүн биирдэ да олоро түһэн ылбакка, сынньанан сыта түспэккэ үлэлиир. Нэһилиэктэртэн эппэрээссийэлэнээччи, бэрэбиэркэлэтэ кэлээччи кэмэ суох элбэх. Сыллата доруобуйабыт айгыраан, алларыйан, араас ыарыыбыт элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр.
"Былыргы дьон, төһө да сайдыыта суох, билиҥҥинэн хаалынньаҥ олоххо олордоллор, доруобуйалара маннык буолбатах этэ. Онуоха салгын ырааһа, үрүн ас, ордук суорат уонна кымыс дэлэгэйэ, эмис сылгы этэ элбэхтик сиэнэрэ быһаарар суолталаннаҕа. Эбиитин сатыы хаамыы, илии үлэтин эрчийиитэ-эрийиитэ, сарсыарда эрдэ туран күн күүстээх уотун эттэригэр-хааннарыгар иҥэрэн күүһү-күдэҕи эбиниилэрэ, ыраас салгынынан сайа тыыныылара доруобуйалара тупсарыгар туһалаабыттара чахчы. Билигин үлэ-хамнас үлүскэнигэр, көр-көрүдьүөс көҕүтүүтүгэр тэптэрэн, утуйар уу минньигэһин, сылааны таһаарар сынньалаҥы дуоһуйа билбэккин. Оччоҕо тугу эрэ булуохха, айыахха уонна ситиһиэххэ сөп. Наҕылыйбыттар, хаамыылара бытаарбыттар, сарсыҥҥыга хаалларан испиттэр аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсыбаттар", — дии саныы истэ. Эдэрчи киһи эрчимнээхтик хааман-сиимэн, Төҥүлүлүүр суолга тиийбитигэр, төрөөбүт-үөскээбит улууһун киинэ, уонча сыл үлэлээбит Майата, ытыска уурбут курдук нэлэс гына түстэ. Хараҕар таас дьиэлэртэн "Үрүн дьиэ" уонна "Санта-Барбара" кылбайан, кынтайан тураллара тута харахха быраҕылыннылар. Төрөөбүт-үөскээбит дойдун уонна табыллан үлэлии-хамсыы сылдьар сириҥ сайдыытынан алыс, тупсаҕайынан туйгун да буолбатар, ханнык да омук киһитигэр, биллэн турар, ол иһигэр сахаларга эмиэ, хаһан баҕарар күндүркэтийэн көстүө, бэйэтигэр тарда туруо буоллаҕа...
Миитэрэй Сэмэнэбис сыыры таҥнары түһэн, Аммалыыр суол быһа охсуутун таһыгар тохтоон, уна-хаҥас хайыспахтаата. Харытын чаһытын көрбүтэ, алта аҥаар чаас буолбут. Хааман иһэн санаабыт санаатын саба быстан, Аммалыыр суолу кэтиир аатыгар барда. Бу ырыынак кэмигэр, үйэтигэр диибит дуу, олохпут-дьаһахпыт тосту уларыйда, атын хайысхаланна. "Үчүгэй куһаҕаннаах, куһаҕан үчүгэйдээх" дииллэринии, айанныыр арыый "чэпчээн" турар. Урукку курдук массыыналаахтары эккирэтэн ааттаһар-көрдөһөр аҕыйаата, аны массыыналаахтар харчыланаары, күн-түүн ыарыы турар массыына уматыгын атыылаһалларыгар эбинээри, айан киһитин аараттан ылар буолан тураллар. Бэл Бэстээххэ теплоход тохтуур сиригэр киирэн, "ким Майалыыр баарый?", "ким Төҥүлүлүүр баарый?" диэн көрдөөн туран тиэйэллэр. Үгүстэр киһи сөбүлэһэр сыаналаахтар, аны урукку курдук ыалын даҕаны босхо тиэйэр киһини булбаккын. Ырыынак...
Маайыскай уулуссанан биир кыһыл "Жигули" массыына иһэрэ көһүннэ, Миитэрэй: "Бэстээхтиирэ буолуо", — диэн иһигэр эрэнэ турдаҕына, кырдьык-хордьук массыыната ханас уоттарын чыпчыҥнатан туораата. Илиитин уунан куоластыырын кытта, суол уҥа кытыытыгар тахсан тохтоото. Бэрт кылгастык кэпсэтэн, Бэстээхтиирин билэн, айанын иһин төлүөх буолан, кэлин олоххо киирэн олордо.
Уруулга олорооччу саас ортолоох, дьоһуннук туттубут киһи, аттыгар сэргэх сэбэрэлээх, бэрт мааны таҥастаах эдэр дьахтар уот кыһыл куударалаах баттаҕа саннын байаатыгар охсуллан, хара ачыкылаах маҥан сирэйэ туртайан олорор. Киһи киирбитигэр соччо кыһаммакка, тугу эрэ күө-дьаа кэпсэтэллэр. Миитэрэй Сэмэнэбис, суолга уһуннук турбакка массыынаҕа түбэһэн, куоракка киирбит саҕа сананан, уоскуйа быһыытыйда. Маҥнай күлэр-үөрэр, ол быыһыгар массыынаны ыытан иһээччигэ сыстаҥнаан ылар дьахтар баттаҕар хараҕа хатанан, таах олоруохтааҕар ону-маны саныы истэ: "Тоҕо саха кыргыттара, үтүөлээх үлэһиттэр, бэл сааһырбыт түс-бас салайааччылар, хотун-хаан дьахталлар баттахтарын кугас, хараҥа кыһыл гына кырааскаланаллара буолла? Мин саныахпар, саха нарын-намчы кыыһа хара долгуннурар суһуохтааҕа, оҥоһуулаах куудара баттахтааҕа туох куһаҕаннааҕый? Айылҕа айбытын алдьатар сыыһа сыаналаныан сөп.
Арай биһиги үөрэнэр кэммитигэр университекка саҥа үөрэнэ киирбит тыа кыргыттара сахалыы сатаан саҥарбатаҕа буолан, киэҥ сиргэ куоракка киирэн сайдыбыт саҕа сананан, нууччалаан муннаналлара. Оччолорго, коммунистическай партия "таба суолунан салайар" кэмигэр, наһаалыыр да эбиттэр, автобуска бэйэ икки ардыгар сахалыы кэпсэттэххэ: "Тоҕо бэйэҕит тылгытынан баллыгыраһаҕыт, эһиги эрэ айаннаан иһэҕит дуо?" — диэн толоостук сэмэлээн киирэн бараллара... Куорат сахаларын оҕолоро сахалыы санарбат буолбуттара, киһи кыһыйыах: "По-вашему не понимаю", — диэн киэн туттубуттуу сыыбырҕаһаллара. Сахаларыттан сааталлара... Оттон билигин, ханнык баҕарар омук, ол иһигэр саха, сайдар суолун төрөөбүт төрүт тылынан ыччатын үөрэтиинэн, культуратын, искусствотын уонна литературатын ийэтин эмиийин үүтүн кытары бииргэ иҥэрэн иитиини саҕалаабыт кэмигэр, туох буоллубут? Эмиэ саатабыт, сайдыыга "тардыһа сатыыбыт" дуо?" Эмискэ массыына көлөһөлөрө суол куоһааҕар охсуллан, аралдьыйан ылла эрээри, санаата салҕанна: "Ээ, чэ, ол миигиттэн ыйытан олох олоруохтара дуо эрээри, саныыр санааҕа баппат быһыы быһыылаах. Омук кэргэннээх да саха дьахтара тоҕо баттаҕын кырааскалана сатыырый? Атын омугун билэбилэ таптаан ылбыт киһи ол кини дьүһүнүн тоҕо олуйсуой-моһуйсуой? Чэ, ити хааллын, аны сииһит эмээхсин курдук буолан бараары гынным дуу?" — дии санаан, сэмээр дьонун кэпсэтиилэрин иһиллээтэ.
Дьоно кэргэнниилэрин, куораттан чэпчэкитик ас-таҥас атыылаһан тахсар санаалаахтарын, ону тыаҕа таһааран ыарахан сыанаҕа атыылыыр баҕалаахтарын таайда. Эр киһи аҕыйах саналаах, кыра тэрилтэ салайааччыта эбит, дьахтар санарбыт-инэрбит, сытыы-хотуу, барыны бары билбит-көрбүт буолан иһэр. Кини эргинэр эбит. Ити сөп ээ, хамнас урукку курдук ый аайы кэлбэтин кэннэ, тугунан эмэ дьарыктаныахха, аһаан-таҥнан олоруохха наада буоллаҕа. Сүөһүтэ-аһа суох, хас да ыйдаах хамнаһын кыайан аахсан ылбатах үлэһит килиэп да ылар харчыта суох хаалла. Хата, пенсия ый аайы кэмигэр кэлэр буолан, сорох эдэр ыаллар пенсионер ийэлэрин-аҕаларын моонньугар олорбуттара ыраатта. Онон "кырдьаҕаһы хааһахха хаалыы сылдьан сүбэлэт" диэн өс хоһоонун кыратык уларыта тутан, "кырдьаҕаһы хараҕыҥ харатын курдук харыстаа, оччоҕо харчытынан аһыаҥ-таҥныаҥ" дэһэр буоллулар.
Ол эрээри эдэрдиин-эмэнниин эргиэнинэн эрэ үлүһүйдэхпитинэ, киммит үлэлиир, уйгуну-быйаҥы уһансар? Үүппүт-сүөгэйбит үрэхтии сүүрүгүрэр, эппит-арыыбыт дэлэйэр? Хайа, аны таҥаспыт-саппыт, араас туттар табаарбыт, дьиэбит-уоппут хантан баар буолан иһэр? Правительство сотору-сотору уларыйара тохтоон, үлэһит киһи үлэтин иһин үгүөрү соҕус төлөбүрү кэмиттэн кэмигэр ыларын ситистэҕинэ, иэһэ-күүһэ төлөннөҕүнэ, санаата саҥалыы салаллан, үлэ эмиэ күөстүү оргуйан хамсааһын тахсыа этэ буоллаҕа дии. Урут биир баартыйа баһылаан-көһүлээн, ууга-уокка түһэрэн, талбытынан дьаһайан олорбут буоллаҕына, аны дэмэкэрээтийэ кэмигэр олус элбэх баартыйа баар буола оҕуста. Олор баһылыктара баһылыыр-көһүлүүр оруолланаары, салалта салайарыгар саптар суорҕанын бэйэлэригэр хото тардан ылаары тулаһан, эт-тирии баранна, киҥ-хаан хойунна. Хомуньуустар баартыйалара былдьаппыт балаһыанньаларын ылаары хампаанньалаһыыттан, сирэйэ-хараҕа суох кириитикэнэн илбиһирииттэн, президент уонна правительство уураахтарын, дьаһалларын утарсартан атынынан дьарыктамматылар. Били нуучча улуу үгэһитэ Иван Крылов суруйбут "Лебедь, щука и рак" диэнин курдук, биир санааны ылымматахха, туох туһа тахсыай?
"Жигули" ахсым айана түөрт көс кэриҥэ сири өр гыммата, Аллараа Бэстээххэ тиийэ оҕустулар, биэрэккэ киирээри бырааны аргыый түһэн истилэр. Улуу Өлүөнэ Эбэ Хотун киэҥ нэлэмэн иэнэ үрүҥ көмүс курдук килбэйэн көһүннэ. Быйыл сааскы халааҥҥа хаатын таһынан баран, илин эҥээр кэриискэ быраан тэллэҕэр тиийэ киэптии анньан турдаҕына, намыһах арыы талахтарын төбөлөрө эрэ быгара, ханнык да бэйэлээх улуу өрүстэр биэрэктэригэр төрөөбүт араас омук дьоно сөҕө-махтайа, дууһаларынан долгуйа көрөн эрдэхтэрэ. Эбэ барахсан билигин да тот эбит, хаатын киэптии уулаах, арыылар көҕөрбүт талахтара күөгэлдьиһэ хамсыыллар.
Паром таһыгар тохтообуттара, Миитэрэй сыананы билэр киһи быһыытынан, сиэбиттэн тирии кумааһынньыгын таһааран, уоннуу солкуобайдаах түөрт кумааҕы харчыны туттаран кэбистэ. Киһитэ саҥата суох ылан, сонун уолугун сиэбигэр угунна.
Теплоход балачча ыраах соҕус үрүҥ хопто курдук кылбайан иһэр эбит. Миитэрэй аргыый аҕай биэрэги кыйа хааман, дебаркадерга чугаһаата. Ол аттыгар мотуоркалаах икки луотка турар: биирдэстэрэ — кылгас куорпустаах, атына — улахан, 7-9 киһини биирдэ ылар, ойоҕоһугар "Волга" диэн суруктаах. Киниттэн биир эдэр нуучча уола ыстанан тахсан, куораттыырга ыҥырда. "Кырдьык даҕаны, күнүнэн сылдьар киһиэхэ хас биирдии чаас былдьаһык, барсыахха",- дии санаан, мотуоркалаах луотка тумсугар ыстанан тахсан иһирдьэ киирдэ. Кининэн эрэ итэҕэстийэн турбуттуу мотуорка собуоттанан бөтүгүрүү түстэ, биэрэккэ илии-атах буолан көмөлөһө сылдьар уол быалаах дьаакыры, луотка тумсугар баар хаппаҕы аһан, иһирдьэ уган биэрдэ. Мотуорка кэннинэн аргыый аҕай бара түһээт, тус хоту эргиллэн аргыый айаннаан барда. Хаһаайын бириһиэн сабыыны саба тардан, тиһиликтэрин тимэхтэтэлиирин кытта, мотуорка улам-улам түргэтээн барда. Күүстээх мотуордаах луотка бэрт түргэнник кыаҕын ылан, ууттан өрө дыгдас гынаат, кынаттаах курдук көтөн истэ. Улуу Эбэ иэнэ төһө да налыйан, наскыйан сыттар, кэмиттэн кэмигэр кыра долгуннары кынатынан быһыта охсуталаан, тилигирии мөхсүтэлээн ылаттыыр. Ол аайы долгун сырдык таммахтара омуннаахтык күдээрис гына ыһыллар. Аҕыйах мүнүүтэнэн дьоллоох Дьокуускай куорат таас дьиэлэрин талба таһаалара күн уотугар кылбайан көһүннүлэр.
Миитэрэй өрүс пордуттан 15-с нүөмэрдээх автобуһунан Ленин аатынан болуоссакка кэлэн түһээт, чаһытын көрбүтэ, тоҕус аҥаар буолан эрэр эбит. "Маҕаһыыннар 10 чааска аһыллаллар, онон киоскаттан туохта эмэтэ ылан, манна болуоссакка олорон ааҕа түһүөххэ", — дии санаата. "Саха сирэ" бүгүнчгү уонна "Чолбон" саҥа нүөмэрдэри атыылаһан, болуоссакка фонтан таһыгар турар ыскамыайкаҕа кэлэн олордо.
"Саха сирэ" бу халыҥ таһаарыыта балачча сэргэх суруйуулардаах. "Чолбону" арыйталаата, Николай Лугинов "Чыҥыс Хаан ыйааҕынан" диэн романын булан, сирэйэ-хараҕа биллэ сырдаата. "Бу тугуй, Николай Лутинов историческай темаҕа киирсибит дуу? Чыҥыс Хаан буолан... олус да ырааҕы хаһыспыт. Ол эрээри сөп ээ. Далан "Тыгын Дархан" диэн романа олус астыктык суруллубут айымньы, аныгы сахалар былыргы олохпут төрдүн-төбөтүн кытта син билистэхпит",- диэн саныысаныы, сурунаалга атын ханнык айымньылар бэчээттэммиттэрин көрүтэлээтэ. Ол кэннэ "Чыҥыс Хааны" иккиһин булан ааҕан барда. Улам-улам былыргы монголлар историяларыгар тартаран, чаас аҥаара олорбутун билбэккэ хаалла. Уон чаас буолбутун көрөн, сурунаал хаһыс сирэйигэр тиийбитин илииһи бүк тутан бэлиэтээн, суумкатыгар угунна.
Сахаҕа орто уҥуохтааҕынан ааҕыллар киһи киэҥ-киэҥник хардыылаан "Дом торговли" маҕаһыыҥҥа тиийдэ. Дьон саҥа иһирдьэ киирэн эрэр эбиттэр. Наадалаах салаатын булан, көстүүм бөҕөтүн сыымайдаата да, уолугар сөптөөҕү булбата. Үксэ улаханнар, киэҥнэр. Оттон атах таҥаһын салаатыгар киһи тала сатыыра да суохха дылы, бэрт аҕыйах көрүҥнээх түүппүлэ баар да, олус боростуойдар, көстүүлэрэ суохтар...
Миитэрэй тугу да атыыласпакка, аны "Манчаары" маҕаһыыҥҥа төннөргө сананна. Саха Республикатын правительствотын уоту тулуйумтуо үрүҥ кирпииччэнэн тутуллубут дьиэтин таһынааҕы автобус тохтобулугар тиийдэ, ити кэмҥэ кэлэн тохтообут 4-с нүөмэрдээх автобуска дьылыс гынна. Бу автобуһунан "Найрамдал" маҕаһыын таһынааҕы тохтобулга түһэн, сатыы "Манчаарытыгар" тиийдэ. Манна кини уолугар сөптөөх көстүүм арааһа баар эбит. Татыйааната уонна уола Сиэнньэ хара дьүһүннээх, 46-с кээмэйдээх уонна 4-с оруостаах диэбиттэрин өйдөөн, икки тус-туспа суол таҥастан тигиллибит көстүүмнэри сөбүлүү көрдө. Хайатын талыан быһаарымына турдаҕына, биир үрдүк унуохтаах, тэрбэччи көрбүт киэҥ харахтаах атыыһыт саха кыыһа кэлэн:
— Бэйэҕэр көстүүм ылаҕын дуо? — диэн сэмэйдик ыйытта.
— Суох... оскуоланы бүтэрэр уолбар "школьнай баалга" ылыахтаахпын. Бу икки көстүүмтэн хайатын таларбын быһаарымына турабын, — диэн кырдьыгынан эттэ.
— Иккиэн да үчүгэй көстүүмнэр, ол эрээри мин бу германскайын ордоруом этэ. Таҥаһа да, хаачыстыбата да ордук... — диэн бэрт эйэҕэстик сүбэлээтэ.
— Үтүө санаалаах кыысчаан, оччотугар көмөлөспүччэ көмөлөс, мин уолум тас көрүҥүнэн эн саҕа буолуо, баһаалыста, бинсээгин кэтэн көрдөрүөҥ дуо?
— Мин дуо? — кыыс соһуйбуттуу көрдө, ол кэннэ биир эмэ уол баара буолаарай диэбиттии уҥа-хаҥас көрүтэлээтэ да, аҕыйах кырдьаҕас эрэ дьон баара.
— Чэ, сөп, — ол кэннэ көстүүмү ылан, сиэркилэ иннигэр тиийэн, пиджагы кэтэн кэбистэ, эргичиҥнээтэ:
— Пиджагын уһуна, сиэхтэрэ сөрү-сөптөр, арай миэхэ кэҥэс соҕус курдук, уолгар оруобуна буолсу, — диэтэ.
— Кырдьык, мин көрдөхпүнэ эмиэ оннук. Чэ, ылабын.
— Оччоҕуна кассаҕа 2152 солкуобайы оҕустар, онуоха диэри көстүүмҥүн суулуом, — диэтэ атыыһыт кыыс.
Махсыымап кассаҕа тиийэн харчытын төлөөн, көстүүмүн үөрэ-көтө ылан, аны түүппүлэ көрдөөтө да, үчүгэй дии саныырын булбата. Ол кэннэ: "Ээ, били аатырар "Манньыаттаахтарыгар" барыахха", — диэн санаанан салайтаран, таһырдьа таҕыста. Маҕаһыынтан тахсаатын кытта биир такси дьону аҕалан сүөкээт, хоҥнон эрдэҕинэ сүүрэн тиийдэ. Онон аны "Волгаҕа" тиэрэ түһэн айаннаан, "Манньыаттаахха" тиийдэ.
Оок-сиэ, аатырыан аатырбыт ырыынак буолла: массыыналар быыс-арыт булбат гына кэккэлээбиттэр, киһи биир кэм аалыҥнас үлүгэр, табаар арааһа баар быһыылаах. Тыа киһитин хараҕа алааран хаалыах айылаах... Миитэрэй Сэмэнэбис балачча кэрийэн, сөбүлүү көрбүт түүппүлэтэ элбэх эрээри, харчытыгар сөп түбэһиннэрэн, хара дьүһүннээх итальянскай түүппүлэни атыылаһарга сананна. Балачча өр торгуйдаһан, сыанатын кыратык түһэртэрдэ. "Наадабын сүрүннээн ситтим, аны "Крестьянскай" ырыынактан чэпчэки соҕус халбаһы, сыыр, кофе, соҕуруу дойду отонноруттан ылыам. Майаҕа бу астарбыт сыаналара алыс ыарахан. Ол кэннэ эдьиийим аахха чэйдээт, дьиэлиэм этэ", — дии саныы-саныы автобус тохтобулугар таҕыста.
- * *
Миитэрэй Махсыымап Сайсаар тохтобулугар түһэн, Ильменскэй уулусса ортотугар быһа түһээри, кыараҕас уонна оллур-боллур, сотору-сотору уулаах бадараанынан көрө сытар Илья Винокуров аатынан уулуссанан сулбу соҕус хааман-сиимэн истэ. Бу саха чулуу уолун, норуота өлөр-быстар ыарахан кэмигэр үрүҥ тыын өллөйө буолбут, сырдык тыын сыдьаайа аатырбыт, саха омук диэн баарын тухары умнуллуон сатаммат улахан өҥөлөөх биир баар суох киһибит аатынан уулусса диэтэххэ, киһи санаата хараастар. Устар сайын устата куурбакка, сытыйан-ымыйан, сыт-сымар буола сытар сирдэр, кир-хах ама кэриэстэбил үһү дуо? Өскөтүн урукку өттүгэр биһиэхэ дьиҥ-дьиҥэр улахан сыһыана да суох дьон аатын саамай улахан, уһун уонна киин уулуссаларбытыгар биэрбит буоллахпытына, тоҕо билигин биһиги киэн туттар, тарбахха баттанар уһулуччулаах дьоммут аатын кылгас, кыараҕас уулуссаларга эрэ иҥэрбит ыар алҕаспытын көннөрөргө кыһаммаппыт?
Дьэ, сүрдээх хартыына... манна ким буруйдааҕый, куорат салалтата дуу, манна олорооччулар дуу? Куорат салалтата кырыы уулуссалары оҥорууга соччо кыһаммата биллэр, бу эргин улахан уонна кыахтаах тэрилтэлэр, кэскиллээх тутуулар суохтар, онуоха эбии манна олорооччулар уулууссалара тупсарыгар кыһамматтар, утумнаахтык туруорсубаттар диэтэххэ ама баһыы буоллаҕай? Ол иһин "ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр" дииллэринии, кыһамматтар, үп-харчы суоҕунан хаххаланаллар, аһардар аһаран иһэллэр. Олохтоохтору ким да биир санааҕа түммэт, биирдии-иккилии ыал дьиэлэрин таһын киһилии көрүнэн олоруулара урут да холобур буолбатаҕа, эгэ билигин ким босхо хамсыан баҕарыай? Онон икки өттүттэн өйдөһүү, хардарыта өйөһүү баар буоллаҕына уонна биир санаанан салайтарыыга киирдэххэ эрэ оҥоһуллуо эбитэ буолуо...
Быраас Махсыымап уулусса икки өттүнэн, кураанах соҕус сири талан, эрэйдээхтик айаннаан, Ильменскэй уулусса 47-с нүөмэригэр тиийдэ. Кып-кыараҕас уһаайбаҕа тиит маһынан тутуллубут эргэ дьиэ, хотон, хоспох уонна хортуоппуй олордор сир баар. Ыалдьыты кылгас атахтаах, уһун систээх кугас ыт өрө баргыйа үрэн тоһуйда. Хата, сыаптаах буолан, аһарда...
Миитэрэй Сэмэнэбис дьиэҕэ киирбитэ, кыырыктыйбыт баттахтаах кырдьаҕас эмээхсин күнүскү аһылыгын бэлэмнии сылдьар эбит. Мырчыстыбыт тириилээх улахан илиитинэн чарапчыланан киирбит киһини көрө сатаата эрээри билбэтэ, харах-көс мөлтөөбүтэ сүрдээх:
— Ким кэллиэҥ? — диэн ыйыта тоһуйда.
— Эдьиэй, мин... Миитэрэйбин, — диэбитигэр биирдэстэрэ тастыҥ быраатын дьэ билэн, бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэйбиттии:
— Оо, дьэ... аны бырааппын билбэккэ, кимҥин туоһулуу олороохтоотоҕум. Кырдьар — кырыыс диэн маны этэн эрдэхтэрэ, — диэхтээтэ.
— Хайа, хайдах олороҕут? — ыалдьыт тас таҥаһын уонна сэлээппэтин устан ыйаталаата.
— Кэммитинэн олоробут, сэттэ уон биэс сыл хаара-самыыра санныбын хам баттаан, күн-түүн арай кырдьан-кыаһыыланан иһэбин. Таах сылдьыахтааҕар тумуулааччыбын, илиим-атаҕым дьарҕата көбөн сордуур. Кэл, чэйдээ, — Маарыйа эмээхсин аһылыкка ынырар. Остуолга ууруллубут улахан тэриэлкэҕэ толору мокуруону кытта кыра эттээх соккуой ууруллубут, килиэп, ынах арыыта, саахар тардыллыбыт, үүттээх хойуу чэй кутуллубут.
— Миитэрэй бэйэ оҥоһуута ыскамыайкаҕа кэлэн олордо.
— Ынахтарбыт үүтүнэн аһаан олоробут, онтон атын хайыы-үйэҕэ айахпыт аппыт буолуо этэ...
— Оккут-маскыт булуута хайдаҕый?
— Урукку курдук Хатыыстаах арыы талаҕын быыһын хаһаллар, дьон бырахпыт сирдэрин. Аны онтукпут тиэйтэриитин сыаната ыараан, биир атыыр айдаан. Урут колхозка сэрии кэмигэр уонна ол кэннэ алта уонус сылларга диэри оҕонньорбунаан күн быыһын булбакка, биир да өрөбүлэ суох умса-төннө түспүт сылларбыт аахсыллыбакка, кырдьаҕаспытынан эрэ пенсия ылабыт. Ол чэйгэ уонна табахха да тиийбэт. Онон эмиэ икки ынахпыт үүтүн атыыта абырыыр... Эһиги хайдаххытый?
— Тыаҕа олох ыарахан, хамнаспытын төлөөбөтөхтөрө бэһис ыйыгар барда. Биһиги кэм сүөһүлээх-астаах буоламмыт, аҕабыт уонна ийэбит пенсияларыттан быһаҕастаһан олоробут. Сиэнньэбит быйыл оскуоланы бүтэрэр, Ньургуубут сэттиһи таҕыста.
— Оҕолоргут улааппыттар, этэҥҥэ буоллаҕына, сотору ыал буоланнар, эһээ-эбээ буолсугут.
— Оннук, оннук... ол эрээри маҥнай үөрэнэн, идэ ылаллара наада. Сиэнньэ суут-сокуон үлэһитэ буолуон баҕарар, аны сайын туттарсар былааннаах.
— Сыл — хонук, аҕыйах сыллааҕыта төрдүс эрэ этэ дии. Ол да үөрэҕин бүтэриэ, оҕом ыал буолбут дьоллоох остуолугар тиийбит киһи.
— Оҕолор улааталлар, биһиги кырдьабыт. Ол — олох уларыйбат сокуона. Дьонуҥ ханналарый?
— Ээ, халлаан дьоно... Оҕонньорум Ханаайап Хабырыыс "Чехов" маҕаһыын хамнаһа суох "харабыла", кэлэр-барар дьону кытта аалыҥнаһар, киэһэ тото итирик кэлиэхтээх. Паана хачыгаардыыр этэ да, үлэһит ахсаанын сарбыйыыга түбэспит аатырар. Ньыыкан хам-түм холтууралаан, ыалларга даача дьиэтэ оҥорон харчыланар да, онтуката үс хонукка тиийбэт быһыылаах. Оппуонньа хаайыыттан тахсан баран, үлэ була илик. Урут тутуутун тэрилтэтин начаалынньыга, Мэҥэ киһитэ буолан, тулаайах инин диэн өйөөн-убаан сылдьыбыта. Билигин атын киһи кэлбит уонна үлэҕэ ылыан баҕарбат үһү. "Олоро" сылдьыбыт дьону үлэҕэ ылан быстааччылара суох. Анараа дойдуттан көнөн тахсааччы да аҕыйах быһыылаах, хата, хабыр хааннаммыта, дьэбир майгыламмыта ба һыйар курдук. Буолумна... сыаптаах ыт курдук сытыы, аччык аҥаардаах сылдьыы, араас атаҕастабыл киһини хайдах көннөрүөй?
— Оттон Оппуонньа хайдаҕый, төһө уларыйбытый? Дьүдьэх да дьүдьэх... доруобуйата да соччото суох быһыылаах. Сирэйигэр икки сиринэн чэр онно баар, хаайыыга сылдьан кырбаммытын бэлиэтэ үһү.
— Оттон санаата, быһыыта-майгыта?
— Ол чааһынан улахан уларыйыы көстүбэт, уруккутун курдук ууну омурдан баран саҥата суох сылдьар.
— Тыаҕа тахса сылдьыбата дуо?
— Саас Майанан дойдутугар Мэҥэлээххэ сылдьан кэлбитэ. Оҕо сааһын доҕотторун: Бүөккэни, Ньукууһу, Киэсэни көрсөн, санаата бэркэ көнньүөрэн киирбитэ. Ол кэннэ "тыаҕа тахсан үлэлээбит киһи хайдах буолуой" дии сылдьар.
— Иһэрэ-аһыыра хайдаҕый?
— Эккирэтэн испэт да, түбэспэҕинэ, "эс" диэбэт идэлээх, охтуор диэри аһыыр. Хата, бу кэлин дьахтарданыаҕыттан арыый аҕай...
— Ол кэргэн ылла дуо? — Миитэрэй сэргээн, хараҕа уоттана уонна кэҥии түһэр.
— Кэргэннэннэ диэҕи киһи тыла барбат, хантан эрэ биир бэйэтин курдук балачча аһыыр-сиир дьахтары батыһыннаран аҕалбыта. Биһиэнэ биһиэнин курдук, хаайыыга олоро сылдьыбыт...
— Оок-сиэ, ол эмиэ туохха түбэспит сордооҕуй?
— Кэргэнин быһаҕынан анньан өлөрөн, түөрт сыл сыппыт курдук биһиги киһибит кэпсээн эрэрэ, дьахтартан ыйыталаспаппын... куттанабын ээ.
— Тыый... ол эрээри эр киһи буруйдаах, дьахтар тыынын харыстаммыт буолуон эмиэ сөп дии.
— Билбэтим. Көрдөххө, син хоп курдук, ол эрээри бэрт сытыы тыллаах-өстөөх, дьиэ үлэтигэр барыга бары сыстаҕас, үөрүйэх эбит. Ынах ыаһан абыраан эрэр. Оппуонньалыын олохпутун оҥостоору холбостубут диэбитэ.
— Хайа оройуонуй, тугу эмэ үлэлиир дуо?
— Хоту дойду, Орто Халымабын диэбитэ быһыылаах.Үлэ суох буоллаҕа дии.
— Син олорууһуктар дуу? Бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара хайдаҕый?
— Саарбахтыыбын... Ньукуолуҥҥа бырааһынньыктаабыппыт, Оппуонньа эрдэ охтубута. Дьахтарбыт итирэн баран түүнү быһа биһиги уолаттарбытынаан дьаабыламмыта. Итирбит баҕайылар киһи тылын истиэх бэйэлээхтэр дуо, — эмээхсин ытамньыйан, куолаһа титирэстээн ылла, хараҕын уута ыгыллан тахсыбытын сибэкки ойуулаах чараас былаатын муннугунан соттуммахтаата.
Миитэрэй Сэмэнэбис саната суох аһаабыта буола олордо, эдьиийин, быраатын дьылҕаларыттан, онуоха тугунан эмэ көмөлөһөр кыаҕа суоҕуттан харааһынна. Бу ыал тыаттан куоракка алта уонус сыл саҥатыгар көһөн киирбитэ. Оччолорго колхозка үлэлээһин иһин дуона суох төлөнөрө, ону да сыл бүппүтүн кэннэ этинэн, арыынан уонна бурдугунан буолара. Улахан уоллара Ньыыкан эрдэ куораты булан тутууга үлэлиирэ. Ол быыһыгар биирдиилээн дьоҥно даача дьиэтэ тутуһан, оһох онорон харчы бөҕөтүн өлөрөрө. Сотору кэргэннэммитэ, бу дьиэни туттубута. Кэргэнэ эргиэн үлэһитэ буолан, аһы-үөлү, дьиэ ис тэрилин булан-талан, быр-бааччы олорон барбыттара.
Аҕата Ханаайап Хабырыыс куоракка киирэн уолун аахха хаста да хонон баран, куоракка киирэргэ сөбүлэнэ охсубута. Кини колхозка бөрүкүтэ суох үлэһит ахсааныгар сылдьара, бииртэн биир үлэҕэ көһөрүллэ сылдьыбыта, сылгыһыттаабыта, бултаабыта, кэлин хонуу үлэтигэр анаммыта. Ийэлэрэ Маарыйа хаһан да куоракка сылдьыбатах да буоллар, киэҥ сир дьалхааннаах буолуо диэн, төрөөбүт сириттэн-уотуттан арахсыан баҕарбатаҕа. Уоллаах оҕонньоро истибэтэхтэрэ, Маарыйа аҕатыттан хаалбыт икки дьиэлэрин: кыстыгы уонна сайылыгы таах быраҕан, сүөһүлэрин эһэн, Дьокуускай куоракка көһөн күккүрээн киирбиттэрэ. Маҥнай син бары-барыта табыллыах курдуга: эһиилигэр дьиэлэрин салҕаммыттара, мантан сүрдээх үүттээх икки боруода ынаҕы атыыласпыттара. Хатыыстаахха сайынын оттуур кыра сирдэммиттэрэ, талах быыһын хасыһан эбинэллэрэ. Хабырыыс оҕонньор аттыгар баар оскуолаҕа хачыгаарынан киирбитэ, ый аайы хамнаһын ылан иһэрэ. Ийэлэрэ икки ынаҕын үүтүн аттынааҕы ыаллар хамаҕатык атыылаһан, туспа харчы киллэрэр ханаалламмыта. Куорат саҥа ыалыгар хоноһо хонор, ыалдьыт сылдьар буолбута, Ханаайап Хабырыыс манна киирбитинэн бэйэтин бэйэтэ хайҕанар, улахан бырааһынньыктарга улахан уолун, бэйэтин саҥа атастарын-доҕотторун ыҥыран, балачча аһыыр-сиир буолан барбыта. Онтон оҕустаран олохторо огдолуйан барбыта, дьылҕалара дьалкыйбыта. Барыта кырыыстаах кыраабытын курдук сатарыйбыта: быһыта барбыта, хайыта ыстаммыта...
Маҥнай Ньыыкан арыгыга олус убанан, биир да күн дьиэтигэр өйдөөх кэлбэт буолбута. Сотору үлэтиттэн үүрүллүбүтэ, ускул-тэскил сылдьыбыта, күннэтэ "Чехов" уулуссатыгар турар маҕаһыын таһыттан арахпат буолбута. Күннээҕи өйө-санаата кимтэн эрэ арыгы бэриһиннэрбит, хайдах эрэ харчы умналаан арыгы испит киһи диэнинэн мунурдаммыта. Кэнникинэн дьиэтин малын: радиолатын, улахан чаһытын, пылесоһун, момуотун атыылаан, арыгыга атастаһан кэбиспитэ. Кэргэнэ Таисия Павловна арыгыттан аккаастан диэн ааттаһа сатаабыта, кэлин тулуйар кыаҕыттан тахсан, түөртээх кыыһын илдьэ дойдулаабыта. Ньыыкан арыгыга атыыламмыт дууһатын ойоҕо уонна оҕото таҥнар таҥастарын эрэ хомунан, харахтарын уутунан сууна-сууна тахсан барбыттара да долгуппатаҕа, тохтото сатаабатаҕа, ааттаспатаҕа. Хата, көнүл барбыттыы, халадьыылынньыгын, таҥас ыйыыр ыскаабын, диванын атыылаан, сыл аҥаара сытайан туран арыгылаабыта. Буолар буолуохтааҕын курдук санаабыта дуу, хайдах дуу, биирдэ даҕаны суламматаҕа, кэмсиммэтэҕэ, кэлэммэтэҕэ...
Онтон оҕонньор, Ханаайап Хабырыыс, буолан турбута: хачыгаардыы сылдьан, кэлин түүҥҥү харабыллыы олорон, арыгылаан хаста да түбэспитэ, сотору-сотору үлэтиттэн үүрүллэн испитэ. Ол барыта үлэтин киниискэтигэр тиһиллэн, ханнык да тэрилтэҕэ үлэҕэ ылбат буолбуттара.
Аны онтон-мантан хомуйсан, кураанах бытыылканы туттаран, арыгылыыры батыспыта. Пааналара эмиэ баппатаҕа, Сайсаарга 20-с нүөмэрдээх оскуолаҕа үөрэммит уолаттарынаан, харчы булан арыгылаары, дьиэни халаабыттара. Уорбут малларын борохуолкаҕа атыылыы сылдьан, харыларыттан харбаппыттара. Үстүү-үөртүү сылга түбэспиттэрэ...
Оппуонньа тутуутугар үлэлии сылдьан, биирдэ 1-гы нүөмэрдээх остолобуойга сыста турар арыгылаах буфекка хамнастарын сууйбуттара. Ол сылдьан уолаттара бэрт кыраттан сылтаан биир бэйэлэрин курдук итирэн тэллэҥнээбит нуучча киһитин кырбаан кэбиспиттэрэ. Ону көрбүт атыыһыт дьахтар, сыа-арыы иҥэн, сып-сыыгынас да буоллар, остолобуойга көөһөкөччүйэн тахсан, милицияҕа телефоннаан тырылатар. Куотуу буолбута, олус хотторбут Оппуонньа ырааппатаҕа, ат буола сылдьар киһини тутан ылбыттара. Уолаттарын булбатахтара, оттон уол икки нуучча, биир саха доҕотторун этэн биэрбэтэҕэ. Онон буруйу барытын киниэхэ сүктэрбиттэрэ, тулаайаҕын аахсан, үс сылга уурбут аатырбыттара... Ити армияҕа сулууспалыы бараары бэбиэскэ ылан сырыттаҕына этэ, аҕыйах хонук этэҥҥэ сылдьан армияҕа сулууспалыы баран хаалбыта буоллар, баҕар, дьылҕата атыннык салаллыа хааллаҕа...
Дьиэ аана киэҥник тэлэллэн аһылынна, дьахтардаах эр киһи киирэн кэллилэр. Эр киһи түөрт уонуттан тахсыбыт, сахаҕа сырдык сирэйдээх, киэҥ харахтаах, онон-манан маҥхайан эрэр хара куудара баттахтаах. Элбэхтэ кэтиллибитэ биллэр күрэҥ дьүһүннээх бүрүүкэлээх, сиэх быһаҕастаах араҥас ырбаахылаах, атаҕар хара сандаалыйалаах. Дьахтар отут түөртээх-биэстээх, лэппэллибит кылгас хара баттахтаах, уһун-синньигэс харатыҥы сирэйдээх, кыараҕас да буоллар, уоттаах харахтаах, курбуу курдук быһыылаах-таһаалаах, чараас сиидэс ырбаахылаах. Миитэрэй Сэмэнэбис олорбут сириттэн ойон туран, дьиэҕэ киирбит дьоҥҥо утары хааман тиийэн, уҥа илиитин эйэлээхтик тоһуйа уунна:
— Дорообо, быраат... Доҕоргун кытта билиһиннэр эрэ...
— Дорообо, Миитэрэй. Шураа, бу убайым — Миитэрэй...
— Миитэрэй Семенович Максимов, — диэтэ биирдэстэрэ кылгастык, онуоха эдэр дьахтар илиитин утары ууна-ууна:
— Ити аата билистибит, олус үчүгэй, — диэтэ.
— Чэ, оҕолоор, кэлиҥ, эбиэттээҥ, — эдьиийдэрэ Маарыйа эмээхсин эҥээриччи тардан аһылыкка ыҥырда.
Остуол тула олорон аһааһын буолла, Оппуонньалаах Шура соккуойтан тэриэлкэлэригэр баһан ылан уурунан, аһаан бардылар. Балачча саҥата суох олоро түһээт, Миитэрэй кэпсэтиини саҕалыыр:
— Быраат, аны кэргэннэммит киһи быһыытынан, олоххун хайдах оҥостор, тугунан дьарыктанар санаалааххын?
— Маҥнай үлэ булбут киһи...
— Ол сөп, үлэтэ суох олох — олох буолбатах.
— Манна ханна да үлэҕэ ылымаары гыннылар, хаайыыга олоро сылдьыбыппыттан иҥнэллэр. Олох бүппүт киһинэн ааҕаллар быһыылаах...
— Оннук да ханна барыай... тулуйаргар тиийэҕин.
— Саас дойдубар Мэҥэлээххэ сылдьыбыппар оҕо сааһым доҕотторо: "Манна кэл, коллективнай хаһаайыстыбаҕа тутууга көрдөс, онно кыаллыбатаҕына, рабочайдаа", — дэспиттэрэ.
— Дьэ, ону хайыыр буоллугут? Аны иккиэн биир сүбэнэн сылдьар буоллаххыт, — Миитэрэй сэҥээрбиттии ыйытар.
— Төрөөбүт дойдуга тахсан үлэлээн көрбүт киһи...
— Мин урут ыанньыксыттаабытым, сүөһү көрүүтүгэр үлэлиэхпин сөп, — кэпсэтиигэ Шура, арыылаах килиэби бэрт минньигэстик сии-сии, кыттыһар.
— Оппуонньаа, оччотугар олохтоох салалтаны кытта кэпсэтиһэ сырыттыҥ дуо, туох диэтилэр?
— Кэпсэтэ иликпит, толкуйданабыт... Барыта олус судургу буолбата буолуо, биһигини хайдах көрсүөхтэрэй, үлэҕэ ылымаары тииһиэхтэрэ суоҕа дуо? — Оппуонньа саарыыр санаатын аһаҕастык арыйар.
— Аҕам, Доропуун, сэрии кэмигэр, сут-кураан сылларга, бирисидээтэллээбитин, дьоно тыыннаах буолалларын туһугар доруобуйатын харыстаммакка үлэлээбитин кырдьаҕастар өйдүүр буолуохтаахтар, онуоха мин тылбын тиэртэхпинэ, үлэҕэ ылыахтара. Ол эрээри кинилэр эрэллэрин толоруохха наада.
— Ол аата тугуй? — Оппуонньа өйдөөбөтөхтүү ыйытар.
— Ол аата үлэ дьиссипилиинэтин кэһиини таһаарыа суохтааххын: үлэҕэ хойутааһыны уонна борогуулу... үлэ кэмигэр арыгылааһыны...
— Мин ардыгар бэйэбиттэн бэйэм куттанабын, баҕарбыт баҕабын уонна эппит тылбын кыайан толоруом суоҕа диэн,- Оппуонньа кэтэҕин тарбанан ылла. — Урукку олохпун тосту тупсарар ыарахаттардаах буолара буолуо.
— Барыга бары баҕа баара быраап, онуоха эр киһилии кытаанахтык быһаарыныахха наада. Быһата, "эттим — бүттэ" диэн курдук.
— Эн чэпчэки баҕайытык этэҕин да, ону кыайарым саарбах. Ардыгар эппит тылбар кыайан турааччым суох ээ...
— Чэ, быраат, мин дьиэлээри ыксаан олоробун, онон үс хонон баран биһиэхэ күүлэйдии тахсьш. Бүгүҥнү кэпсэтиини онно салгыахпыт, онуоха диэри сыта-тура толкуйданыҥ. Онтон дойдубутугар Мэҥэлээххэ тахсан олохсуйарга быһаарыннаххытына, мин тахсыһа сылдьыам уонна үлэҕэ ыларга кэпсэтиһиэм.
— Сөп, өйдөөтүм, — биирдэстэрэ сөбүлэһэрдии төбөтүн токгхох гыннарда.
— Арба мантан 5 чаастаах теплоходунан тахсаарыҥ, мин Аллараа Бэстээххэ массыыналаах кэтэһиэм, — Миитэрэй Сэмэнэбис олорбут сириттэн туран, Оппуонньаны уонна Шураны кытта илии тутуһан бакаалаһар, онтон эдьиийин Маарыйа эмээхсин төбөтүн түөһүгэр сыһыары тутан туран:
— Эдьиэй, эбиэтиҥ иһин баһыыба, аныгыскы көрсүөххэ диэри. Аны хаһан куорат эбэҕэ киирэрим биллибэт. Биһиги ардыгар өрөбүл да күммүтүгэр кыайан өрөөбөт үлэлээх дьоммут. Кырдьыма, ыалдьыма...
— Тоойуом, үчүгэйдик сырыт, Айыы Тойон таҥара эһигини өрүү үтүө хараҕынан көрдүн, арыаллыы-араҥаччылыы сырыттын, — быраатын, бинсээгин уолугуттан тардан ылан, сүүһүттэн сыллыыр.
— Чэ, көрсүөххэ диэри.
— Миитэрээй, кырдьык, бу дьоҥҥо көмөлөс эрэ. Эн тылгын быһа гыныахтара суоҕа. Баҕар, дойдуларыгар тахсан киһилии үлэлээн-хамсаан, олох олороойоллор.
— Сөпкө этэҕин, көмөлөһө сатыаҕым, — ука илиитин өрө уунан иккистээн бакаалаһан, улахан спортивнай суумкатын санныгар иилэ быраҕан, тахсан барда. Автобус тохтобулугар баран иһэн: "Киһи биирдэ бэриллэр олоххо олохтоохтук сыһыаннаһан, сүрэҕэ сөбүлээбитин эрэ батыспакка, өйүнэн буһаран-хоторон, сыана быһынан, толкуй тобулан, ойох ылан, оҕо төрөтөн, үлэлээн-хамсаан, киһи буолан төрөөбүт иэһин төлөөн ааһыахтаах", — дии санаата.
Нэдиэлэ үһүс күнэ. Махсыымап хирург күнүс дьиэтигэр эбиэттии кэллэ. Кэргэнэ Татьяна Романовна оскуолатыттан кэлбит. Ийэлэрэ Өрүүнэ эмээхсин, уоллаах кийиитэ төһөҕө кэлэллэрин билэр буолан, күнүскү аһылыгы остуолга өрүү тардыбыт буолааччы. Онон олоро түстүн да аһаан бараҕын. Ийэлэрин көмөтө ити эрэ буолуо дуо, хайа, оҕолорун көрбүтэ-истибитэ, улаатыннарсыбыта. Кини баар буолан, күн бүгүнүгэр диэри дьиэ үлэтэ диэҥҥэ ханньары тартарбакка, үлэ эрэ диэн баран сүүрэкэлэһэ сырыттахтара. Дьиэ ис үлэтин сорохтор
үлэ дии санаабаттар, дьиҥэр, ол саҕа бириэмэни сиир, күннэтэ бүппэт түбүктээҕи билбэппит ээ. Чэ, холобур, аһылык бэлэмнээһинэ, иһит сууйуута, дьиэни көрүү-истии, сууйуу-сотуу, муус киллэриитэ, мас хайытыыта уонна таһыыта, оһох оттуута уонна ону кэтээһин, таҥас сууйуута уонна өтүүктээһинэ да, оҕону көрүү да буоллун. Ити барыта тус-туспа үлэ, истиэххин баҕардаххына, идэ да диэххэ сөп. Бэл хас биирдиилэригэр анал общественнай тэрилтэлэр бааллар буолбат дуо?
— Оҕолоор, кэлиҥ, аскыт тымныйа илигинэ аһааҥ. Бүгүн куурусса буутуттан миин буһардым, тоҕо торуой эрэ оҥоруллуохтааҕый? — ийэлэрэ аһата ыҥырар.
Миитэрэй илиитин сууна турдаҕына, Татыйаана сибэкки ойуулаах сиэдэрэй халаатын кэтэн, утуйар хоһуттан таҕыста. Остуолга тэҥҥэ кэриэтэ кэлэн, минньигэс итии миини иһэн бардылар. Оҕолоро оскуолаттан кэлэ иликтэр, кыыстара сотору бүтэр, уоллара эксээмэн туттараары сылдьар.
— Миитэрээй, бүгүн үлэҕиттэн эрдэ соҕус көҥүллэтэн, Аллараа Бэстээххэ бараргын умнубатыҥ ини? — Татыйаана кэргэниттэн ыйытта.
— Өйдүүбүн, өйдүүбүн... Кылаабынайбар эппитим, Роман Павлович ылыммыта, киһи кыһалҕатын ылынар, өйдүүр, үлэһиттэригэр көмөлөһө сатыыр салайааччы быһыытынан убаастаныан убаастанар.
— Били Оппуонньа уол аах кэлэллэрин этэҕит дуо? — ийэлэрэ кэпсэтиигэ кыттыһан, хас биирдии тылын унаарыччы тардан ыйытта.
— Ону, ийээ... хата, куораттан аан маҥнай кэлэр ыалдьыттарга сонун соҕус аста астаар эрэ, — уола көрдөһөрдүү саҥарда.
— Мин маҕаһыыҥҥа сылдьан халбаһыы, сыыр энин ылыам этэ. Кыһыл арыгы ылар буоллаҕым дии? — Татыйаана дьонун сирэйдэрин-харахтарын көрбөхтүүр.
— Сөпкө этэҕин, хайдах онтуката суох сатаныай? — Миитэрэй быһаара охсор.
— Хайыаххыный... аны арыгыта суох көрсүһүүнү көрсүһүү диэбэт буолан тураллар. Онон биир буокката да ыл ээ, биирдии эмэ үрүүмкэни иһиэхтэрэ буоллаҕа дии, — ийэлэрэ бүтэһиктээхтик быһааран кэбистэ.
— Тыый, үлэ чааһа буолара чугаһаабыт, мин билигин массыынабын илдьэн, үлэбиттэн Бэстээхтиэм. Сэттэ саҕана кэлэр инибин,- диэбитинэн Миитэрэй олорбут сириттэн турда.
— Ийээ, минньигэс эбиэтин иһин махтал.
— Миигин оскуолабар быраҕан аас, — Татыйаана Миитэрэйи соруйар. — Ийээ, баһыыбаҕа мин эмиэ кыттыһабын. Сайын оскуола оҕуруотун көрөргө-истэргэ анаммыт оҕолорбун кытта кэпсэтиһэрдээхпин, онон кыратык хойутуурум буолуо.
Татыйаана утуйар хоһугар киирэн, халаатын устан, көстүүмүн кэтэн таҕыста. Миитэрэй массыынатын собуоттаан, олбуор таһыгар таһаара охсубут. Кэргэнэ кэлэн олорорун кытта, аргыый айаннаан барда. Кэннилэриттэн үрүҥ күдэн биллэ-биллибэттик өрүкүйэн истэ...
* * *
Өрүүнэ эмээхсин иһитин-хомуоһун хомуйан, сууйа-сото охсон баран, хоһугар киирэн оронугар сытта. Кырдьаҕас киһи быһыытынан күнүс сыта түстэҕинэ эрэ сатанар курдук. Балачча сыппахтаата да, уута кэлэн быстыбата. Оппуонньа уол аах бүгүн кэлиэхтээхтэриттэн сиэттэрэн, кэргэнин абаҕата Доропуун оҕонньор олоҕун уонна сэрии ыарахан сылларыгар бар дьонун хоргутан өлөрбөт туһугар утуйар уутун да умнан, умса-төннө түспүтүн, кырдьаҕаһын уонна ыалдьарын аахсыбакка харса суох үлэлээбитин санаан хараастан ылла: "Үөрэҕэ суох, үс буукубанан нэһиилэ илии баттыыр оҕонньор сахалыы эт мэйиитинэн, айылҕаттан бэриллибит салайар талаанынан куһаҕана суохтук дьаһайан олорбута.
Биһиги колхоз былаанын барытын лоп курдук толороро, ол эрээри аһара толоро сатаабата. Аһара бара сатааһын дьон бырдын быһарын, ылыахтаах дохуотун сарбыйарын, тыыннаах хааларыгар эрэлин эһэрин билэр буолан, ааҕан-суоттаан салайара. Дьончнго түҥэтэр бурдуктара кыратын, эти-арыыны амсатар кыаллыбатын, үгүс дьон аччык авгаардаах үлэҕэ тахсарын билэр буолан, үлэһиттэрин күннэтэ кэриэтэ дьиэлэринэн кэрийэрэ. Ол аата дьонун туруктарын бэрэбиэркэлиирэ: астара олох быстыбыттарга тугу эмэ дук гынан, бутугас эбэтэр убаҕас суорат сыыһын эбии биэрэн, күүстэрэ эстибиттэри арыый чэпчэки үлэҕэ көһөрөн, колхоһуттан биир да киһини хоргутан өлөрбөтөҕө. Ыаллыы колхозка ыал ыалынан хоргуйан быстыбытын, киэһэ утуйбут дьон сарсыарда оронноруттан турбакка "бараахтыылларын" истэ-истэ ытамньыйара.
Эр дьон сэриигэ үмүрү тардыллан, колхоз үлэтин бурҕалдьытын оҕо, дьахтар уонна оҕонньоттор синньигэс моонньуларыгар кэппиттэрэ. Сэрии туһугар турардыын-турбаттын, ыарыһахтыын "Бары күүһү фроҥҥа!" диэн суостаах-суодаллаах, хайаан да толорорго күһэйэр ынырыыны ылынан, үлэ фронугар туруммуттара. Оннук дьон күүстээх үлэттэн, аас-туор олохтон, аанньа утуйбаттан ыарыылара бэргээн, анараа дойдута эрдэлээн барбыта чуолкай буоллаҕа. Дьиҥнээхтик хоргуйан өлбүт суоҕа... Арай кэлин Аҕылаан уола Аҕыллай Арамаан: "Биһиэхэ да хоргуйан өлбүттэр бааллара, холобур, мин аҕам суолга сууллубута, ийэм аах дьэҥкэрэн эрдэхтэринэ, сэрииттэн убайым араанньы буолан эргиллэн кэлэн, босуобуйатынан быыһаабыта", — диэн Доропуун оҕонньору үөҕэр сурахтааҕа. Кыайыы 40 сылыгар: "Оҕонньорбут барахсан биир да киһитин хоргутан өлөрбөтөҕө, барҕа махтал", — диэн дакылааттаан кэҕийбитин тиэрэ тибиирэр. Дьиҥэр, ким билбэтэй, кини аҕата Аҕылаан 1941 сыллаахха саас өлөрбүт куһун ылаары тымныйан, икки өттүнэн сэбиргэхтэтэн, онтон өрүттүбэккэ бэс ыйыгар өлбүтүн. Онон сэрии кэмигэр хоргуйан өлбүтэ диэһин суос-сымыйа. Кырдьаҕастар өлөн бүтүтэлээбиттэринэн туһанан, Аҕыллай талбытынан кэпсээн эрдэҕэ, баҕайы, аньыырҕаабат даҕаны... Сэрии кэмигэр үөһэттэн "эти-арыыны түҥэтимэн", бурдугу ыһымаҥ" диэн кытаанах ыйыы кэлэ турара. "Толорботоххутуна, сэрии кэминээҕи балаһыанньа быһыытынан сууттаныаххыт, хаайыыга сытыйыаххыт диэн суоһурҕаналлара. Онон биһиги абаҕабыт тынгаабыт быһыыны-майгыны көрө-билэ сылдьан, баар балаһыанньаттан тахсар суолу тобула сатаабыта. Маҥхааһай хайдарынан толору бурдук кутуллан, хотон-хотон аайы хороҕор муостаах кырыы-кырыыларынан анньыһан кыстаан турдахтарына, колхозтаахтар аччыктаан муҥнаналлара. Күннэтэ ыран, сэниэлэрэ эстэн иһэрин оройуон салайааччыларыгар кэпсээтэҕинэ, үлэһиттэрбитигэр бурдукта, кыратык эттэ уонна арыыта түҥэтиэҕиҥ диэтэҕинэ: "Эн манна пааньыканы тардыма, хата, тылгыттан хаптараайаххыный? Кырдьаҕаскын аахсыахтара, дьонуҥ туһугар кыһанаргар кымаардыахтара суоҕа. Сэрии кэминээҕи ыйыыны толорботох, талбытынан дьаһаммыт, өстөөххө көмөлөспүт диэхтэрэ... сэрэн, партизаннаама", — диэн саба саҥаран кэбиһэллэрэ. Хайа уонна бэйэбит испититтэн кэтээччилэр, кимнэ эрэ бэрт буола сатааччылар, хобуоччулар бааллара ээ. Онто суох 1942 сыл күһүнүгэр үүммүт бурдуктарыттан быһа тардан, үлэһиттэригэр аҕыстыы киилэни түҥэппитин комсомольскай тэрилтэ сэкэрэтээрэ Чаамык уол оройуоҥҥа тыллаан, оройуонҥа дьүүллэнэн, чуут суукка бэриллэ сыспыта. Хата, баартыйалаах буолан быыһаммыта, саамай кытаанах быыгабары эрэ ылбыта. Ол уол дьоно, атыттар курдук ырыганнаабыттар, быртара быстан эрэр сордоохтор, өлүү бурдуктарынан өллөнөн, өлөртөн өрүһүммүттэрэ... Оҕонньор оҕо, дьахтар аймах уора-көстө бурдук куолаһын этэрбэстэрин оһугар симэллэрин, сиэптэригэр кистииллэрин көрө-көрө көрбөтөҕө буолара, тута сатаабата. Оччолорго колхоз бурдугу ыһар сирэ киэҥ буолан, бурдук баара... Онон дьонугар ый аайы кыра-кыралаан бурдук атаҕын түҥэтэн, соҕотуопкаҕа туттарбыт сүөһүлэрин иһин, туйахтарын уонна төбөлөрүн, туттарыыга барбатах бытархай балыктарын түҥэтэн, аһата сатаабыта. Сэрии бүппүтүн кэннэ абаҕабыт Доропуун, сэрииттэн эдэр уонна үөрэхтээх дьон эргиллэн кэлбиттэринэн, бирисидээтэлиттэн үөрэҕэ суоҕунан сылтанан аккаастаммыта.
Сэрии сылларын ыар тыына тус бэйэтигэр уонна дьиэ кэргэнигэр, урут муус доруобай дьоҥҥо, аҕыйах сылынан бэйэтин биллэрэн барбыта. Улахан уола Архыып, кэргэннэммэккэ да сылдьан, сэллик ыарыыга быһа сиэтэн өлбүтэ. Бэйэтэ хараҕынан сабыллан, хараҥаҕа харбыалаһан хаалбыта. Кыыһа уонна сиэннэрэ сэлликтээхтэрэ биллибитэ, балыыһаны кэрийэртэн ордубат буолбуттара...
Абаҕабыт уһаабатаҕа, саҥата-иҥэтэ суох дьиэтигэр сытан, хаппыт тымтык курдук күлүбүрэччи умайан хаалаахтаабыта. Саҥа салалта киниэхэ сылдьыбатыттан, тугунан да көмөлөһө сатаабатыттан хомойоохтуур быһыылааҕа да, тыл аҥаарын быктараахтаабатаҕа. Арай тыына быстыан аҕай иннинэ кэриэһин этэригэр: "Бар дьонум туһугар күүһүм кыайарынан үлэлии сатаабыппын сыаналааталлар", — диэхтээбитэ. Онуоха ойоҕо Балааҕыйа эрэйдээх: "Үлэкин өлөн баран сыаналатан, тугу туһанаары санам диэн саҥардаххын", — диэхтээбитигэр, сөбүлээбэтэҕэ быһыылаах, тугу эрэ этэ сатаабыта да иһиллибэтэҕэ...
Кини көмүллэригэр бар дьоно бары кэлбиттэрэ, биһиэхэ өрүү буоларыныы, хойутаан, элбэх махтал тылларын эппиттэрэ, кини кэннигэр хаалбыттарыгар туох кыалларынан көмөлөһүөх буолбуттара.
Балааҕыйа уруккутун курдук колхозка ыанньыксыттаан барбыта. Соҕотох уола оскуолаҕа маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбитэ, интернакка ылыллан аһыыр, таннар кыһалҕатын соччо билбэтэҕэ. Аҕалара бирисидээтэллиир да кэмигэр биир борооскулаах ынахтан ордук сүөһүнү кыстаппаттара, баайдара диэн биир иистэнэр массыыналара уонна алтан сылабаардара этэ.
Маны таһынан оҕонньор аҕатыттан хаалбыт сайылык дьиэлэрэ, кэлин бэйэтэ туппут кыстыктара ааҕыллара. Ол дьиэлэргэ кыыстара Маарыйа кэргэн тахсан баран олорбута, маачаха ийэлэрэ фермаҕа үлэлиир буолан, уопсай дьиэлэри кэрийэрэ. Балааҕыйа кыайыгас үлэһит, былаанын бары өттүнэн толорор аатыра сылдьан, сааскы Ньукуолун саҕана быаланан тыынын быһыммыта. Оҕотун сир-халлаан икки ардыгар быраҕан, ханнык ыар хара санааҕа хам баттатан, маннык быһыыламмытын быһаара сатаабатахтара быһыылааҕа. Тыаһа-ууһа суох көмөн кэбиспиттэрэ. Кэлин, оччолорго фермаҕа үлэлээбит дьахталлартан сибикилээтэххэ, биир оруо маһы ортотунан уот хабытай тыллаах сулумах дьахтар сүгүн сырытыннарбатах. Өрүү дьон ортотугар түбэһиннэрэн: "Холхуос бирисидээтэлин ойоҕо дьахтар, аны соҕотох хаалан, аһыыр-сиир баҕаттан, холхуос ынаҕын сааҕар буккуллаҕын дуо? Тоҕо түүн кистээн ытаан хараҕып уутунан суунаҕын, арба, дьон аччыктаан истэрэ систэригэр хам сыста сырыттахтарына, сыалаах этинэн эмсэхтэммит кэмнэргин ахтан эрдэҕин", — диэн суос-сымыйанан дьэбэлэйдиирэ, дьаардаах тылынан дьаҥсыйара үһү. Балааҕыйа сордоох сирэйэ-хараҕа суох балыйыыга хардарсан, этиһэн көрдөҕүнэ, биир тылы этиэр диэри биирдэстэрэ биэс тылынан аһара анньара... Балааҕыйа хотонугар ынах быатынан ыйаммытын биир ыанньыксыт булан, салалтаҕа тыллаабыттар, кэлин дьиэҕэ киллэрэллэригэр сиэбиттэн сурук булбуттар. Онно тоҕо маннык суолга күһэллибитин сиһилии кэпсээбитин ааҕан иһитиннэрбиттэр. Тылынан халаастаабыт, баһааҕырдыынан дьарыктаммыт дьахтардара ытыы-ытыы ааттаспытын ылынан, аны биир үлэһиттэрин сүтэриэхтэрин кэрэйэн, суругу суох гыммыттар... Ол дьахтар тоҕо оннук дьаабыламмыта чуолкай биллибэт. Сэрии кэмигэр сүгүн үлэлээбэтэх, сэрииттэн араанньа буолан кэлбит кэргэннээх эр дьону иирдэн, үлэ кэмигэр күнүстэри көссүүлэһэн, дьахталлар Доропуун Бөтүрүөбүскэ үҥсэннэр, оҕонньортон сэмэлэммиттээҕин ситиһэ сатаабыт курдук...
Көр, оннук, бэрт кыраттан да сылтаан, алдьархайдаах суолу оҥорор, айыыны-хараны кэрэйбэт дьон урут да бааллара, билигин да бааллар быһыылаах. Туох барыта сэттээх-сэлээннээх дииллэринии, ол дьахтар көссүүттэн булбут кыыһа кэргэн тахсан, оҕолорун кытта быр-бааччы олорон, эмискэ быаланан өлбүт сурахтааҕа...
Оппуонньаны холхуос салалтата Чурапчы Дириҥин детдомугар ыытарга быһаарбыта, манна сатаан сылдьыа суоҕа диэн, биир да аймахха биэрбэтэхтэрэ", — эмээхсин кэпсээн курдук биир ситимнээхтик тардыллыбыт сыыйыллаҕас санаатыттан бэйэтэ да уйгууран, утуйа түһэн ылбатаҕыттан абарыах курдук буолан эрдэҕинэ, тас аан тыаһаата уонна:
— Эбээ, бааргын дуо, аччыктаатым аҕай, аһат эрэ, — диэн сиэнэ Ньургуу саҥата чаҕаарда. Өрүүнэ эмээхсин оронуттан ойон турбутун бэйэтэ да билиминэ хаалла:
— Баарбын, баарбын... оо, оҕом сыыһа, кырдьык, аччыктаатаҕа, — дии-дии хоһуттан тахсан, сиэнэ кыыһы аһатар түбүгэр түһэн, сылайбытын уонна утуйа түһэн сынньамматаҕын умна охсон кэбистэ.
Продолжение: Кырыыстаах кыраабытын курдук... ч.2