Дьулуруйар Ньургун Боотур - Маҥнайгы ырыата

Материал из Саха Тыла
Перейти к: навигация, поиск


Аҕыс иилээх-саҕалаах,

Атааннаах-мөҥүөҥнээх

Аан ийэ дайды

Айанан-айыллан

Үөскээбитэ үһү диэн

Үһүйээн көрдөхпүт…



Былыргы былдьаһыктаах дьылым
Быралыйар быраман мындаатыгар,
Урукку охсуһуулаах дьылым
Уларыйар улаҕа өттүгэр,
Алдьархайдаах ааспыт дьылым
Аҥаарыйар анараа таһаатыгар,
Орто туруу дойду
Отут биэс биис ууһа
Ол-бу улуус диэн
Иннинэн сирэйдээххэ,
Ичээп эттээххэ,
Икки атахтаахха
Иһиллэ илигинэ;
Алдьархайдаах аллараа дойду
Арбаҕаһын бүрүммүтүнэн үөскээбит,
Атара бэйэлээх, арбыйа тиистээх
Аатырар Арсан Дуолай аҕатыи устара,
Адаҕатын кэппитинэн төрүөбүт
Ааттаах Ала Буурай эмээхсии удьуордара
Отут алта биис ууһа
Ол-бу бииһин ууһа диэп
Көхсүттэн тэһииннээх,
Көрбүөччү харахтаах
Күп-айыы улууһугар
Аат ааттанан
Ахтылла илигинэ;
Үөһээ үлүскэннээх үрдүк мэҥийэ халлаан
Үөтүүлээх үрүт өттүгэр үөскээбит
Улуутуйар Улуу тойон оҕонньор,
Уораан-аараан Хотун Куохтуйа икки
Отут тоҕус биистэрэ
Ол-бу бииһин ууһа диэн
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы-хаан аймахтарыгар
Үөрбэ-чаҕаан тылларыгар
Үһүйээн буолан
Үөтүллэ илигинэ, —
Дьулусханнаах дьулуо маҥан халлаан
Дьураатыттан тутуллубута биллибэт,
Үс күөгэйэр күлүм күлүүһүттэн
Үктэллэнэн үөскээбитэ көстүбэт,
Үлүгэрдээх үс ньүкэн үтүгэн
Үлүскэннээх үрүт өттүнэн
Көй-сата салгынынан көтөҕүллэн
Көтөр кыната көтүтэрэ көстүбэт,
Эргийэр иэччэҕэ эргитэрэ биллибэт,
Энэлгэннээх тойуктаах, ынчыктаах ырыалаах,
Улаҕата көстүбэт,
Уҥуоргута биллибэт,
Уорааннаах уораҕайдаах
Улуу байҕал уллуҥахтаах,
Оруһуоллаах уулаах
Оһоллоох Одун байҕал
Огдолуйбат олбохтоох,
Сүллэр этиҥ ньиргиэрдэммит,
Сүлүһүн илбис дугуйдаммыт
Сүҥ байҕал түгэхтэммит,
Тунаах былыт урсуннаах
Туустаах байҕал тулалаах,
Алдьархайдаах аан-өлүү аарыктаммыт
Абалаах аһыы байҕал алыннаах,
Чэлгиэн сата саатаабыт
Чэҥ муус сиксиктээх,
Кыйыра-кырылыы көтөр
Кыһыл кумах кырдайдаах,
Алтан от анньан тахсыбыт
Араҕас туой буор ардайдаах,
Үкэр күөх от үтүөхтээбит
Үрүҥ туой буор үрүттээх,
Сырылҕан куйаас сыламнаабыт
Сытар хайа сындыыстаах,
Будулҕан туман оргуйбут
Буор хайа модьоҕолоох,
Оллорута ойон тахсыбыт
Очуос таас хайа оройдоох,
Баттаатахха маталдьыйбат
Баараҕай таһаалаах,
Үктээтэххэ өҕүлдьүйбэт
Үрдүк мындаалаах,
Кэбиэлээтэххэ кэйбэлдьийбэт
Кэтит киэлилээх,
Аҕыс иилээх-саҕалаах,
Алта киспэлээх,
Атааннаах-мөҥүөннээх,
Айгыр-силик бэйэлээх
Араҕас айыы далбардаах,
Алаҕаркаан -тэтэгэркээн
Аан-ийэ дайды диэн
Ананан-айыллан,
Ойон тахсар күннээх,
Охтон баранар мастаах,
Уолан баранар уулаах,
Уостан сүтэр уйгулаах,
Муҥ-сор суунаҕалаах,
Муур-таар бэйэкэлээх
Орто туруу дьаҕыл дойду диэн
Оҥоһуллубута эбитэ үһү...


Олоҥхолоон оҕонньор барахсан
Оллоонноон олорон эрэ
Киһи-сэргэ кирийбит
Килбиэннээх кинээстэргэ,
Кулут-чаҕар куттаммыт
Куортуктаах кулубаларга
Илиэһэй бииһэ
Иэнигийбитин,
Адьарай бииһэ
Адаҕайбытын,
Үс саха үөскээн-төрүөн тэнийбитин,
Үөһээҥи-алларааҥы үс биис уустара
Үөскээбит үһүйээннэрин үтүктэн кээспитин
Эмис Түмэппий курдук
Этэн дьэргэлдьиттэхпинэ,
Куһаҕана буоллаҕына
Куохайаан оҕонньор курдук
Кулдьурҕатан киирдэхпинэ:
Аҕыс хартыгастаах
Араҕас маҥан халлаан
Алын кырыытыгар,
Үс хартыгастаах
Үрдүк мэҥэ халлаан
Үрүт өттүгэр
Күлэр күөх салгыннаах,
Күндүл күнүс дойдулаах,
Үрүмэтийбэт үүт күөллээх,
Үрүҥ илгэ үктэллээх,
Үкээр куйаас тыыннаах,
Үүт-аас бэйэкэлээх,
Үс киис кыыл тириитэ өллүргэлээх
Үрдүк нуоҕай бэргэһэлээх,
Үрүҥ Аар тойон диэн баара эбитэ үһү...
Таҥаралаах халлааным
Тахсан эрэр күнүн
Туналҕанын курдук
Туналҕаннаах мьуурдаах,
Киирэн эрэр күнүм
Килбиэнин курдук
Килбиэннээх сирэйдээх,
Имин хаана оонньообут
Илбиэнэ көмүс иэдэстээх
Адьыҥа Сиэр хотун диэн
Алыс ааттаах дьахтар
Хоойго сытыарар холоонноох доҕордооҕо,
Хотун ойохтооҕо эбитэ үһү...
Көхсүттэн тэһииннээх
Күн-өркөн улуустардаах,
Күрүө-дьөллүт ойууттардаах,
Айыы-намыһын удаҕаттардаах,
Арҕаһыттан тэһииннээх
Ахтар айыы аймаҕын
Аҕата-ийэтэ буолбуттар эбит...
Булан-талан тураммътн —
Бу оҕонньордоох эмээхсинтэн
Ураты улуустардаах,
Урдурҕаччы санаалардаах
Атып биис уустара
Айыллыбьптара буолаарай диэн
Оччотооҕу урукку дьылларга
Онтон-мантан сурастахха:
Кэниэрдээх киэҥ халлаан кэтэҕэр
Кэйбэлдьийбэт кэтит сирдэммит,
Оһоллоох одун төрө халлааммар
Олохсуйбут отут тоҕус биис уустаах,
Чуучугуруур туус тумустаах
Чураадыйар хаан аймахтардаах,
Бэргэһэ быатын саҕа мэнэгэйдээх
Бэки Суорун диэн аймахтаах,
Сутуруо быатын саҕа соллоҥгюох
Суор тойон диэн аймахтаах эбиттэр.
Албан уккуйан тураммын
Аат ааттаап таһаардахпына —
Соҕуруу соххор холорук халлаан
Содуомнаах суоһар өлүү түгэҕиттэн,
Алып чаалай халлаан
Аныардаах алаастаах,
Аҕыс халыр өлүү хараҕалаах
Хааннаах хараҥа дьайыттан
Тоҕус уон тоҕус тиһиликтээх
Тоҕуур оҕурук дьиэрбэҥ хара быанан
Тоҕус уон тоҕус улуу ойууну
Оҕуурдаан аҕалан баран
Ол дойду улуу суҥханыгар
Тордохтоох ньуурун иннигэр
Тоҕо-хоро анньан биэрдэххэ
Кудута туолбатах,
Кулахай төрдө буолбут,
Туҥнэри холоруктуу турар
Түгэх өттүгэр түптүрдэммит,
Күлүк өттүгэр күрүөлэммит,
Хаҥас өттүгэр хаһааламмыт,
Хааннаах салын олбохтоох,
Уодьуганын туттарбатах,
Уораан-аараан
Улуу дьаалы
Хотун Куохтуйа диэн
Хотуннаахтара эбитэ үһү...
Акыым курдук
Аттардахха,
Кылачыысап курдук
Кытардахха,
Дьэрэкээннээн эттэххэ,
Дьэргэлдьитэн истэххэ:
Маннык бэйэлээх
Мааны эмээхсин
Хоонньугар сытыарар
Холоонноох доҕоро,
Тэллэҕэр тиэритэр
Тэҥнээх киһитэ,
Үрдүгэр үҥкүрүтэр
Үөлээннээх үчүгэйэ,
Ахталаах аманаҕын
Аналлаах атыыра
Кимий эбит диэхтээн
Кичэйэп ыйыттахха —
Оҥгойор уолугун үүтүгэр
Олорор оҕо саҕа
Икки сиикэй эт бэргэ мэҥнээх,
Илин өттүгэр буоллаҕына
Хантайар муос хабарҕагын
Ханайар хаба ортотугар
Хааннаах хайаҕас бааһыттан
Умса холоруктуу олорор
Уот оҕурук тайахтаах,
Оҥойор уолугун үүтүттэн,
Оҥолдьуйа олорор бааһыттан
Таҥнары дьалкыйа олорор
Таас оҕурук тайахтаах,
Уолан киһи
Уостаах-тииһэ
Турталдьыйан көстөр,
Тураҕас субай хаан
Уһун уйгу утахтаах
Уһун сула турба батаһынан
Өттүгүн үүтүн устун
Өтүрү түһэн кээстэххэ —
Өттүгүн охсуммутунан
Уолуйан уһуктар,
Уһуутаан туран
Уораахсыйан олорон
Уордайан ордоотуур
Улуутуйар Улуу Суорун тойон диэн
Улуу дьаалы оҕонньордоох эбит...
Киҥкиниир киэҥ халлааны
Киэбин-киэлитин кэйбэлдьиппит
Улуу уот кыргыһыы кэнниттэн
Улуутуйар Улуу Суорун уустара,
Соҕуруу соххор холорук халлаанчга
Содуомнаах аҕа уустара буоланнар,
Ордоотуур отут тоҕус биис ууһа диэн
Олохсуйбуттара эбитэ үһү...
Дьоһун бэйэкэлээх
Дьонноро-уруулара
Хайдахтара эбитэ буолла диэн
Хантайан көрдөхпүнэ:
Кыдьараҥ өлүү буолбут
Кыҥнары табык бэйэлээх
Кытарах кыргыттардаах,
Дьахтарга сылдьыбатах,
Дьарык өлүүгэ ылларбыт,
Умсары табык бэйэлээх
Уолан уолаттардаах эбит...
Баайын-талатын
Барҕалаан көрдөхпүнэ:
Биэҕэ туран көрбөтөх,
Бэкидэл өлүү бэйэлээх
Дьулугур хара
Дьураҕай атыырдаах,
Ахтар айыы этигэр
Атыыр ыттан көрбөтөх,
Хаһыҥырас бэйэлээх
Хабыдал хара биэлээх,
Хобуох өлүү буолбут,
Хоргуйан өлөөрү гыммыт
Хобуоһай хара кулуннаах, —
Соҕуруу суодуйар маҥан халлаан
Сорсуннаахтара диэн
Бу буолаллар эбит...
Бу кэнниттэи буоллаҕына
Ыргыныап курдук
Ырытан киирдэххэ,
Табаахырап курдук
Таттаран эттэххэ:
Арбаҕаһын бүрүммүтүпэн үөскээбит,
Адаҕатыҥ кэппитипэн төрүөбүт,
Алдьархайдаах Ап-Салбаныкы
Аҕалара-ийэлэрэ буолбут,
Өһөгөйдөөх Өлүу Чөркөчүөх
Өһөхтөөх өлүүлэрин
Өрө көбүтэи үөскэппит,
Аллараа адьарай аймахтарын
Аҥаарыйар атыыр ааттаахтарын
Албан уккуйан тураммын
Ааҕан таһаардахына —
Хоту хоромньулаах халлаан
Холоруктуу олорор кунуһуттан
Аҕыс уон аҕыс тиһиликтээх
Ап-чарай уот-оҕурук быанан
Аҕыс уон аҕыс улуу ойууну
Ол дойду улуутугар
Оҕуурдаан аҕалан баран
Ардахтаах айаҕын иннигэр
Анньан-кутан биэрдэххэ —
Кудуга туолбатах,
Кулахайа хараабатах,
Хап гынар хаппардаах
Хапса Буурай аймахтаах,
Түп гынар түптүрдээх
Ньүкэн Буурай удьуордаах,
Адаҕатын кэппитинэн төрүөбүт
Аан-Дараһы аймаҕын ийэтэ буолбут
Адаҕалаах Ала Буурай, Аан-Дьааһын диэн
Ааттаах дьахтар хотунпаахтар эбит...
Маннык бэйэлээх
Мааны эмээхсин
Хоойго сытыарар
Холоонноох доҕоро,
Үрдүк мындаатыгар
Үөмэ оонньообут
Үөлээннээх үтүөтэ,
Хобуох эмэһэ,
Ходьоҥ тобук,
Хойуос тумус
Аналлаах атаһа,
Атыыр киһитэ
Кимий эбит диэхтээн
Кимтэн эмэттэп ыйыттахха:
Адьарай аймаҕын
Аҕалара буолбут,
Лоҕуйар лох түөртүгэҥҥэ
Тойонунан апаммыт,
Арбаҕаһын бүрүммүтүнэн үөскээбит
Атара бэйэлээх, арбыйа тиистээх
Арсан Дуолай, Луоҕайар-Луо-Хаан диэн
Ааттаах оҕонньор эрдээҕэ эбитэ үһү...
Бу бэйэлээхтэр,
Буулаҕа талбалар
Үөскүүр өнөрдөрө,
Үтүө дьонноро,
Кэлэр кэскиллэрэ,
Кэтит кэһиилэрэ
Хайдаҕый эбитий диэммин
Хараҕым кырыытынан
Өлүү Чөркөчүөх төрдүнэн
Өҥөйөн көрдөхпүнэ:
Дьахтары таптаабатах,
Дьаарай өлүү сыттаах
Хара лаһыр уолаттардаах,
Хат буолан көрбөтөх
Ханаҕар хара
Хапсыыра-куо кыргыттардаах;
Айыыһыт ийэ-хотун
Аналыттан туораабыт,
Анаҕы батан көрбөтөх,
Тутум атахтаах,
Туора муостаах
Луо-бээгэй оҕустаах,
Оҕоттон-урууттан
Оһуччу тэйбит курдук,
Оҕус ыттан көрбөтөх
Купчуур-өлүү кургумнаах
Кута-нуора ынахтаах,
Сүөк өлүү Сүөдүйбүт,
Модьуун өлүү Муобурпут,
Сутука хара
Сутаакы бэйэлээх
Сут-бээгэй торбостоох эбиттэр...
Киҥкиниир киэҥ халлаан
Киэбин-киэлитин кэдэлдьиппит
Уордаах уот кыргыһыы кэнниттэн
Умсуурдаах улуу күтүрдэр,
Уораҕайдаах уот буурайдар
Алдъархайдаах аллараа дойдуга,
Ап-Салбаныкы айаҕар
Өлүү Чөркөчүөх төрдүттэн
Өһөгөйдөөх өлүүнү өрө көбүтэн,
Арбаҕастаах-адаҕалаах
Адьарай-хаан аймахтара буолан,
Оҕуруктаах отут алта биис ууһа
Оннук улуу дойдуланан
Олохсуйбуттара эбитэ үһү...


Орто курбуу-дьаҕыл дойдуга
Отут биэс биис ууһа
Олохсуйбут олохторун
Олоҥхо номоҕо оҥостон
Араҕастыйбыт астаах
Аарыма кырдъаҕастарым,
Улуу олоҥхоһу'1тарым
Уһуйан кэбиспиттэрин
Ондуруоһап эмээхсин курдук
Онолуйа туойдахпына,
Дьүлэй Бүөкээн курдук
Дьүөрэ тылынан түһэрдэхпинэ,
Үс саха үөскээн тэнийбитин
Үөрэ-көтө үһүйдэхпинэ:
Былыргы былдьаһыктаах дьылым
Быралыйар быраман мындаатыгар
Үлүскэннээх үөһээ биис уустара
Үөрбэйэ көтөр күннэригэр,
Ааспыт алдьархайдаах дьылым
Аҥаарыйар анараа таһаатыгар
Алдьархайдаах аллараа биис уустара
Аҥайа сүүрэр күннэригэр,
Урукку охсуһуулаах сылым
Уларыйар улаҕа өттүгэр
Устаты муруннаах,
Утары сирэйдээх
Үс саха үөскээн-үөдүйэн
Үүттээх үүчээн эттэнэ илигинэ,
Үйэттэн үйэ тухары
Үрдүк сурахтаммыт,
Үөтүллүбүт үс биис уустара
Үҥүүнэн-үөрбэнэн өтөрүтэ түсүһэннэр
Үөгүлэһэ-үөгүлэһэ үөлсэ оонньооннор,
Баһа-атаҕа биллибэт
Балай бардама,
Соххор содуома,
Сото тостуута,
Өргөс бытарыйыыта,
Өттүк үлтүрүйүүтэ,
Күөн түөстэн күөдүлгэхтэһии,
Күрэс былдьаһыы, күлүмэх охсуһуу,
Хабарҕаҕа түсүһүү,
Харахха дайбаһыы,
Иэмэх курдук эрийсии,
Иирээн төрдүн тэрийсии,
Сүүс үйэни мэлдьи
Сүтэн биэрбэт сүгүлээн,
Ааһан биэрбэт айдаан,
Атыыр ампаалык
Орулуур отут хонугу мэлдьи
Орой үүтүн устун ойбонноһуу,
Чэчэгэйи тэсиһии,
Чэллиргэччи бэрсиһии,
Ахтар-саныыр тухары ааһан биэрбэт
Аан алдьархай манна буолла...
Сүгэ-батас аайы
Сүллэр этиҥ ньиргийдэ,
Саа-саадах аайы
Сааллар чаҕылҕан дапсылынна,
Халлаан хара сааппаһа
Хаһыырбытынан хайыта ыстанна,
Тоҕус дохсун холорук
Тоҕо ытыллан түстэ,
Арҕаа халлаан анныттан
Аан-талҕа таҥнары сатыылаата...
Күннэрэ тахсыбата,
Күдэн оргуйда,
Ыйдара тахсыбата,
Ытыс таһыйар
Ыас хараҥа буолла...
Күлүгү кытта
Күөдүлгэхтэһии,
Хараҥаны кытта
Халты-мүччү харбаһыы,
Баҕа курдук
Баллырҕаччы түһүү,
Хомурдуос курдук
Хороҥнуу манна буолла...
Киҥкиниир киэҥ халлаан
Киэбэ-киэлитэ кэйбэлдьийдэ;
Охсуһуунан олохсуйбут,
Оһолго тэбиллибит
Орто туруу дойду
Умса холоруктаан,
Унаара-кэнээрэ биллибэт
Кутаа уотунан кырбаһан
Кута курдук долгуйда;
Алдьархайдаах аллараа дойду
Атыйахтаах уу курдук айманан,
Түҥнэри холоруктаан
Түөрт өттүттэн
Күөх дьэбидик уоттар
Көҕөрө сырсаннар —
Ооҕуй оҕус бадараанныыр
Оҕуруктаах уот дьэбэрэ диэн
Түөрт түптүр үтүгэнинэн
Түгэхтэммитэ эбитэ үһү.
Тохсус добун маҥан халлаан
Тордуйалаах уу курдук долгуйан,
Тиҥилэх кэтэҕин курдук
Тиэрэ ханарыйан тахсан
Күөх чаалай уотунан
Күлүбүрүү умайан,
Күрүлэс күр мууһунан
Күрдүргэччи бөтүөхтээн —
Соххор холорук дугуйдаммыт
Содуомнаах соҕуруу халлаан диэн
Үтүрүөбэт үлүгэрдэммит
Үлүскэннээх үрүттэммитэ эбитэ үһү...
Быстан биэрбэт үөстээхтэр,
Бытарыйан түспэт эттээхтэр,
Тохтубат хааннаахтар,
Тоһуттубат уҥуохтаахтар,
Өспөт тыыннаахтар,
Өлбөт бэйэлээхтэр —
Үөтүүлээх үс биис уустара
Үөрбэнэн-үҥүүнэн
Өтөрүтэ түсүһэн
Өлөрсө сатаатылар:
Кыргыспыт күүстэриттэн
Кытара кыыһаннар,
Улуу байҕал түгэҕинэн
Умсан тахса-тахса,
Бурулуу-бурдьугунуу,
Буруолуу- будулуйа олордулар...
Эппэт гына
Эппэҥнэс кэлэҕэй,
Тыыммат гына
Тыҥа быһаҕас дьон
Күдэн-туман ортотугар
Күлүк курдук барыһан,
Күөт курдук үллэн,
Улуу куйаар баһынан
Уһуутаан кэбиһэ-кэбиһэ:
«Киҥкиниир киэҥ халлаан
Киэбэ-киэлитэ кэйбэлдьийбит ээ?!!
Оһоллоох орто туруу дойду
Олоҕо уларыйбыт ээ, сэгэрдээр?!!
Алдьархайдаах аллараа дойду
Атыйата аймаммыт ээ, атастаар?!!
Аддьархай аҕыйаҕына,
Эрэй элбии илигинэ,
Эт-тирии бүтүн эрдэҕинэ —
Эйэнэн кэпсэтиэххэ,
Сүүспүтүн аалсыахха,
Сүбэлэһэн көрүөххэ...
Тугу мээлэ охсуһабыт?!!
Тупсуута тэрийиэххэ» дэһэн,
Киҥир-хаҥыр саҥарсан,
Килиэр-малаар көрсөн,
Кэтэхтэрин чонотон
Кэпсэтэр киэби ыллылар...
Уоран-талаан барарга
Уһуктаах тарбахтаммыттар,
Уоттаах илиилэммиттэр,
Улуутуйар Улуу тойон биистэрэ:
«Көхсүттэн тэһииннээх
Күн-өркөн уустара
Күөмчүлүү сылдьыахтара,
Ир суолбутун ирдээн
Иэдээни тэрийиэхтэрэ,
Тоҥ суолбутун тордоон
Тор тэһииммитин тутуохтара...
Туттаран туран мэлдьэһэрбит
Тукках буолубҕа,
Көрдөрөн туран балыйарбыт
Көрдьүн буолуоҕа,
Ыттары кытта ыал буолумуоҕуҥ,
Ыраах ыырданыахха" — дэһэннэр,
Содуомнаах соллоҥ мэнэгэй иирбит
Соҕуруу соххор холорук халлааҥҥа,
Оботтоох уот-чупчурҕа дойдуга
Олохсуибуттара эбитэ үһү...
Түүн сырыыламмыт,
Түүлээх уллуҥахтаммыт,
Түөкүн майгыламмыт,
Алдьатан-талаан барары
Амтаһыйа санаабыт
Арсан Дуолай аймахтара:
«Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы-хаан аймахтара
Атаҕастыы олоруохтара,
Алдьатан-талаан бараммыт
Саһар сирбитинэн
Саарбахсыйа сылдьыахпыт...
Күн-өркөн улууһун
Күөмчүлээн бараммыт
Өһөгөйдөөх Өлүү Чөркөчүөх төрдүгэр
Өрүһүттэрбэккэ киирдэхпитинэ -
Өҕүрүтэллэрэ мөлтөх буолуоҕа,
Айыы-хаан аймаҕын
Атаҕастаан бараммыт
Аллараа дойдуга түстэхпитинэ —
Үс күлэр ньүкэн үтүгэн
Үҥнэн биэрэрэ биллибэт...
Үтүө сир ол баар» — диэннэр,
Алдьархайдаах аллараа дойдуга түһэннэр,
Аныардаах аан дойдуламмыттар эбит...
Үөһээҥи-алларааҥы
Үөтүүлээх үс биис үрдүнэн
Үөмэн тиийбэт
Үрдүк баһылыгынан
"Бу киһи буоллун!" диэннэр
Бука барылара сүрэхтэрэ сөбүлээн,
Дьылҕа тойону,
Чыҥыс-хааны
Одун-хаан оҥоруута дуо дэтэннэр,
Огдолуйбат улуу күүстээннэр
Олохтообуттар эбит...
Уһун Дьурантаайы диэн
Улуу дьаалыны, улахан киһини
"Сутургуу буолуо,
Сутуругун көрдөрүө!" — диэннэр
Суруксутунан биэрбиттэр эбит...


Бу кэнниттэн буоллаҕына
Буор сир уйбат буулаҕа талбалар
Орто туруу дойду
Олоҕун олохтоорулар
Өлбөт төлкөтүн түһэрбиттэрэ,
Өйдүөн-дьүүллээн көрбүттэрэ...
Аллараа дойдуттан,
Адьарай сириттэн
Аргыар айаҕа буолбут,
Үөһээ дойдуттан,
Үлүскэннээх халлаантан
Үргүөр үөлэһэ буолбут,
Былаҕайга ыллара турар
Былдьаһыктаах сир буолсу...
"Биһиги диэтэх бэйэлээхтэр
Билэр-көрөр муҥутааммыт
Орто туруу дойдуну
Олоҕун булларбат буолуохпут дуо?!!
Үс биис ууһуттан
Үтүмэхтээн тураммыт
Оройунан оонньуур,
Ортотунан курданар
Отут биэс биис ууһунан,
Самныбат саргылаах
Саха киһилээн,
Устаты муруннаах,
Утары сирэйдээх
Урааҥхай сахалаан,
Босхо бастааҕынан,
Бокуйар сүһүөхтээҕинэн,
Сиик-туман тыыннааҕынан,
Симэһиннээх эттээҕинэн
Орто туруу дойдуну
Олоҕун булларыахха," — диэннэр
Улуу күтүрдэр,
Уот-буурайдар
Ууруу уурбуттар...
Самантан тус илин диэки бардахха
Сандаллаах сатыы маҕан халлаан
Сарыы таҥас курдук
Таҥнары намылыйан түһүүтүгэр,
Тараадыйан-дьарҕааланан көстүүтүгэр,
Силбиктээх сиик-туман тыыннаах,
Сириэдийбит-сиппит сир ийэ-хотун
Хайыһар мас киилин курдук
Ханарыйан тахсыытыгар,
Ый хотун төрүөн таалалаабыт
Ытык хайатын чанчыгар,
Күн тойон төрүөн күөлэһийбит
Көмүс хайатын кэтэҕэр
Үс нуоҕай-маҕан хатыҥ
Үүнэн лөглөрүһэн туралларыгар, —
«Айылҕа-хаан хотунтан
Ананан айыллыбыт
Араҕас чэчир буолан
Анньыллыбыттар эбит» диэннэр,
Үрэххэ баппатах үрүҥ түүлээҕи,
Үргүүк хаҥылы, бүтэй туйахтааҕы
Үксэтэ олордунар,
Сыһыыга баппатах сыспай сиэллээҕи,
Сылгы сүөһүнү, миинэр миҥэни
Дэри-дэлэгэй
Тэниттинэр диэннэр
Күн Дьөһөгөй тойону,
Күрүө Дьөһөгөй хотуну
Уордаах Уот Дьөһөгөй оҥороннор
Улуу дьүүлүнэн олохтообуттара эбитэ үһү.
Арҕаа диэки бардахха
Араҕас сабыдал халлаан
Тараах былыт курдук
Таҥнары найҕаран түһүүтүгэр,
Силбигинэн-сиигинэн симэһиннийбит
Сир ийэ хотун
Сири-иһит курдук
Сиксиктэнэн тахсыытыгар,
Тоҕус дуолан улуу үрэхтэр
Тоҕо охсон киирэннэр
Тоҕуоруйан тутуһууларыгар,
Аҕыс ааттаах айдам силик үрэхтэр
Ааллаһан-айманан киириилэригэр,
Силбиктээх сэттэ сирэм күөх үрэхтэр
Сиэттиһэн-сириэдиһэн тиксиһиилэригэр,
Хааннаах халыҥ куҥнаахха
Хабырынан хаахтаабытынан түһэр
Хатан илбис биилээҕи,
Уу субай хааннаахха
Умсугуйан уһуутаабытынан түһэр
Уйадыйбат уот-чупчурҕа уһуктааҕы,
Кыһыл субай хааҥҥа
Кыдьыгыран кыламмЬпынан түһэр
Кыырыктаах кылаан илбис биилээҕи,
Бухатыыр дьон туттар
Буулаҕа сэптэрин,
Кэниэрдээх кэтэр
Кэһэхтэрин,
Таҥхалаах таҥнар
Таҥастарын
Отут биэс биис ууһугар
Оҥоро олордун диэннэр, —
Үс дойду киирэр кирбиитигэр
Үс сиринэн боччуохтаах буоҕуралаах,
Төттөрү соҕус быһыылаах,
Төбөтүн оройунан айахтаах,
Муҥурун булларбатах
Муус Суорун булгунньахха
Аллараа адьарай хаан аймаҕыттан,
Арахсыылаах аҕыс биис ууһуттан,
Кырымахтаах кылбараҥ маҕан хаарга
Кытыылыыр кытыт биэ барахсаны
Кынталдьыта хаамтаран иһэн
Кырыытынан кыҥыһахтыы түһэрэн
Кыа-хаанын кытыастатан кээспит курдук
Кытара-убайа турар кыһалаах,
Алталаах атыыр оҕуһу
Аппалаах алаас айаҕар
Ахталдьыта хаамтаран иһэн
Сүүскэ охсон түһэрэн
Сүһүөҕэр сүгүрүтэн кээспит курдук
Уйадыйан-ууллан көрбөт
Укулаат тимир ньуурдаах,
Кыҥкыныы-чыҥкыныы кыырар
Кылбадыйа турар кыстыктаах,
Түөрт уон түөрт атыыр сылгы
Түүмэхтээх түллэр көхсүн тириитэ
Күөттээни ууһун күөтэ дуо диэн
Күксүйэр күрүлэс өлүү күөттээх,
Баараҕай баай ыал
Бастыҥ баҕанатын саҕа
Баалтааны ууһун балтата дуо диэн
Барык-сарык илбистээх
Баараҕай балталаах,
Чыскыйбахтыы сытар
Чыскыылаах,
Иэрийбэхтии сытар
Игиилээх,
Уоҕан хаан ууһуттан
Уот Кындыалана диэн
Хоонньугар сытыарар
Хорсун доҕордоох,
Хотун ойохтоох,
Ыар санаалаах,
Ыарахан тыыннаах
Кытай Бахсылааны оҕонньору
Кыырыктаах үс уус төрдө буол диэннэр,
Оһоллоох орто туруу дьаҕыл дойду
Охсуоланар оройун улаҕатыгар
Олохтообуттара эбитэ үһү...
Кэлэн кэхтэр киһилээх,
Кэхтэн кэлэр кэскиллээх
Орто кулан дьэллик дойду
Отут биэс биис ууһугар
Көрөр харах буолан
Көмөлөһө олордун диэннэр,
Түөрэх кэбиһээччинэн,
Түп этээччинэн
Хотой хаана хоруончахалаах,
Хотоҕойун түүтэ куорсуннаах,
Аан ийэ дайды
Айыллыаҕыттан ыла
Аалыы таас аркыымалаах,
Хаччы сотолоох,
Харыс бытыктаах
Киһи кинээһин,
Килбиэннээх бэрдин,
Үөһээ үтүөтүн,
Үөрэхтээх бастыҥын
Сээркээн Сэһэн оҕонньору,
Куорсун илбис төрдүгэр
Кулут кыыс буол диэннэр
Сэндьигирэй Маҕан кыыһы
Кыйыра уста турар
Кыһыл кумах кыдьымахтаах,
Ньуурун көрдөрбөтөх
Ньудулу уот байҕал
Холоруктуу ытылла олорор
Хотугу ойоҕоһугар,
Түп өлүү төрдүгэр,
Түҥ ойуур иһигэр,
Көҥдөй төҥүргэс үүтүттэн
Көйө көтөн тахсар
Бургунас муоһун курдук
Бур-бур буруолаах
Симилэх төрдүгэр,
Сир иһигэр
Орто туруу дойдуга
Олохтообуттара эбитэ үһү...
Тыалынан
Тымыыттыбыт,
Хаарынан
Хаһыыттыбыт,
Ойон тахсар күннээх,
Охтон баранар мастаах
Орто туруу дойдуга
Оройунан оонньуур,
Ортотунан курданар
Отут биэс биис ууһугар —
Икки атахтааҕы,
Иннинэн сирэйдээҕи,
Босхо бастааҕы,
Бокуйар сүһүөхтээҕи
Бодотун үрдэтээри:
Хаҥкыл хара тыа
Хатан дьылҕана аһылыктаах,
Күөх төлөн тыыннаах,
Күөнэ көҕөччөр аттаах,
Быыра быһыылаах,
Бырдьа бытыктаах,
Кылаан чаҕыл Кыырык төбө,
Хааһах саҕа хаалыктаах,
Хаардаах бугул саҕа
Халадыйар хатан хататтаах,
Бороон торбос саҕа
Боҕуйа охсор чокуурдаах,
Улуутуйар Улуу тойон
Улахан уолун
Уоҕан хаан төрдүн,
Аан-Уххан эһэ оҕонньору
Айыы-хаан аймаҕар,
Алаһа дьиэ иһигэр
Аал уот иччитэ оҥорон,
Хара буруо харалдьыта
Хатан Тэмиэрийэ диэн ааттааннар
Орто курбуу-дьирбии дойдуга
Олохтообуттара эбитэ үһү...
Кинини кытта буоллаҕына
Киллэрбиттэрэ эбитэ үһү:
Дьиэ иччитэ оҥорон
Дьиэдэ Бахсыыланы,
Холоҥсолоох-хохтоох
Хотон иччитэ оҥорон
Ньаадьы Ньаҥханы...
Онтон ыла буоллаҕына
Орто түһүлгэ дойдуга
Саргы тардыһа сатаабыт
Саха киһи барахсан
Алаһа дьиэни тэринээт,
Аал уоту оттунаат,
Кинилэр эрэ дуо диэн
Кичэйэн тураахтаан
Аат ааттаан,
Айах тутан
Хоолдьуктаах бэйэтэ
Хоҥкудцьуйар буолбут эбит...
Сүндэлэ далай
Сүүрүгүн үксүн саҕа
Арҕастарыгар адаардаахтары,
Араҕас хатырыктаахтары,
Лаабычааннарынан дайбыттары,
Лаһыгырас бэйэкэлээхтэри,
Балым-салым элбэх
Балык бииһин ууһун
Барҕарда олордун диэннэр —
Тураҥ буор
Тусаһалаах,
Чэлгиэннээх тэлгэһэлээх,
Чэҥ муус тэлгэхтээх,
Куойа маҥкы тутуурдаах,
Куйуур-тымтай сүгэһэрдээх,
Күөх ньамах бытыктаах,
Күрүҥ хара дьүһүннээх,
Өнөр-үскэм бэйэлээх
Өдүгэт Боотур оҕонньору
Уйгу-быйаҥ тыыннаах
Уу иччитэ буол диэннэр
Орто туруу дойдуга
Олохтообуттара эбитэ үһү...
Ол кэнниттэн
Кэмэ-кэрдиитэ биллибэт
Кэҥкил хара тыа аайы
Сүүрэр атахтааҕы,
Сүргүөхтээх систээҕи,
Улуйар куоластааҕы,
Утары тиистээҕи
Дэри-дэлэгэй
Тэниттин диэннэр
Кураҕаччы Сүүрүк
Куралай Бэргэни —
Баай Барыылаах,
Бардам Бэриилээх
Баай Байанай оҥороннор
Орто туруу дойдуга
Олохтообуттара эбитэ үһү...
Онтон ыла буоллаҕына
Иннинэн сирэйдээх,
Иэгэлдьийэр икки атахтаах
Сүһүөхтээх бэйэтэ
Сүгүрүйэн туран:
"Сүдү эһэ тойонум!
Сүүрэр атахтааххыттан,
Сүргүөхтээх систээххиттэн
Күөн түөһүм иннигэр
Күөйэ көтөн кулу!
Кыҥааһыммар киллэр,
Кылыыбар үктэт!
Үс бараа-хара күлүккэр
Үҥэн-сүктэн эрэбин" диэн
Нөрүөннээх көхсүнэн бүгүйэн
Нөрүйэр буолбут эбит...
Ол кэнниттэн
Орто туруу дойдуга
Олохсуйбут отут биэс биис ууһугар
Оломноох түһүлгэ бараан олоҕо
Оччоҕо эрэ ордук тупсуоҕа диэннэр, —
Үтүрүссүүлээх үс аан дойду
Үлүскэннээх үрдүк кирбиитигэр,
Эбир түөстээх эрдэҕэс уларым
Эргичиҥнии олорорун курдук
Илбистээх илин итии халлааным
Иирэр эбир-дьаҕыл эҥийэтигэр
Ийиэхсит Эдьээн ийэ хотуну –
Икки атахтаахха,
Иннинэн сирэйдээххэ
Иэримэ дьиэтин иччилээ,
Төрөтөр оҕотун
Төлкөлүү олор диэннэр —
Көхсүттэн тэһииннээх
Күн-айыы улууһун
Күүһүн үрдэтэргэ,
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы-хаан аймаҕын
Алгыһын салайарга
Анаабыттара эбитэ үһү...
Онтон ыла буоллаҕына
Оҕуй-бараан ордууламмыттар,
Оҕо-уруу тардыспыттар —
"Ийиэхсит ийэ хотуммут
Илэ бэйэтинэн
Иһэрэ буолуо" диэннэр,
Иһэгэйдээх итии-сылаас илиилэринэн
Илбиэнэ көмүс иэдэстэрин
Имэринэн кэбиһэ-кэбиһэ,
Күллэрэстии күлбүтүнэн
Күлүм-мичик аллайан,
Күндү таҥастарын таҥнан
Күүтэр буолбуттара эбитэ үһү...
Орто дойдуга олохсуйбут
Оройунан оонньуур,
Ортотунан курданар
Отут биэс биис ууһа
Сүөгэй сүдүрүүнугэр,
Сүүмэх тураҥыгар
Сүһүөҕүнэн тирэннэҕинэ,
Арыы далбардаах
Араҕас илгэҕэ
Атаҕынан үктэннэҕинэ —
Урааҥхай буолан
Улаатыах этэ,
Киһи буолан Килбэйиэх этэ,
Саха буолан
Сандаарыах этэ диэннэр,
Ийиэхситтээх илин халлаан
Иирэр эбир-дьаҕыл эҥийэтин
Аллараа алаархай таһаатыгар,
Араҕас сабыдал далбарыгар
Орто курбуу-дьаҕыл дойду
Ойбонноох уйгу-быйаҥын,
Бастар бараммат
Барҕа баайын
Барҕарда олордун,
Ураа муостааҕы
Ууһата олордун диэннэр
Ньэлбэҥ Айыыһыты,
Ньэлэҕэлдьин Куону,
Ахтылҕаннаах Айыыһыт Хаан хотуну —
Араҕас чэчирдээннэр, алтан туоналааннар,
Кыыс оҕо кутун
Кыптыыйыгар иҥэрэннэр,
Уол оҕо кутун
Оххо иҥэрэннэр,
Алгыы-абырыы олордун диэннэр
Анаабыттара эбитэ үһү...
Онтон ыла буоллаҕына
Орто туруу дойдуга
Иэримэ дьиэни иччилээбиттэр,
Иитэр сүөһүнү күрүөлээбиттэр,
Араҕас чэчир анньаннар,
Айах тутаннар,
Алгыс алҕааннар
Айыыһыт Хаан хотуну
Аатын ааттааннар
Айхаллыыр буолбуттар эбит...
Ситэрэн эттэхпинэ,
Сиһилии кэпсээтэхпинэ:
Көҥүл санаалаах,
Көрсүө мэйиилээх,
Көнө сүрэхтээх,
Көҕүөр-таһыар курдук
Балым-салым эмиийдээх,
Байбара-маҕан санныгар
Бэдэр бэрдэ саҕынньаҕын
Бэлтэгэйдии ууран
Кэттэ кэппитинэн
Кэлбит,
Үс киис кыыл тириитэ
Үрдүк нуоҕай бэргэһэтин
Этэ-туойа турар курдук
Эҕэттэйдии Аста аспытынан
Айыллан үөскээбит,
Түүлээх түтүм-бараан түһэҕин
Төлө татта таппытынан
Төрөөн түспүт,
Аан ийэ дайды
Алгыстаах айылгытын,
Алаҕаркаан-тэтэгэркээн
Араҕас далбарын
Айарга анаммыт
Аан-Алахчын, Маҥан Маҥхалыын диэн
Ааттаах утүө хотун дьахтар баарын
От-мас иччилэрин
Оҕо-уруу биэрэннэр
Орто туруу дойдуга
Олохтообуттара эбитэ үһү...
Онтон ыла эрэ буоллаҕына
Орто курбуу-дьаҕыл дойду
Оройунан оонньуур улуу уолаттара
Аан ийэ дайдыларыттан
Арахсар күннэрэ кэллэҕинэ,
Үөһээ бөҕөттөн
Үргүөр үргүйдэҕинэ,
Аллараа бөҕөттөн
Аргыар аргыйдаҕына —
Аан-Алахчын хотуну
Аатын ааттааннар
Үс бараа хара күлүгэр
Үҥэн-сүктэн тураннар
Алгыс этитэн,
Аартык тэлэттэрэн
Алаһа бараан дьиэлэриттэн
Аттаналлара эбитэ үһү...


Үөһээҥи-алларааҥы
Үөтүүлээх үрдүк биис уустарыттан
Киҥкиниир киэҥ халлаан
Киэбин-киэлитин кэдэлдьитэн,
Уоттаах улуу дьүүл уураахтарын
Умсары кэһиэх уоттаах уллуҥахтаах,
Өлбөт үөстээх,
Өрөгөйдөөх өйдөөх,
Өһөҕөйдөөх санаалаах,
Үрдүк үс биис ууһа
Үөдүйэн үөскээбит
Үс үлүскэннээх аан дойдуларын
Кулугутун хамнатар
Кудай дьаалы кубулҕаттаах
Үөһээ даҕаны Үөскээтэҕинэ,
Аллараа даҕаны
Айыл ыннаҕына:
Кэниэргэ этиллэн,
Кэнтиккэ охсуллан,
Кэлгиэҕэ киирэн,
Буруйун-сэмэтин иннигэр
Буойуллуох тустаах диэннэр
Аан-дархан андаҕары
Андаҕайбыттара эбитэ үһү...
Үс хартыгастаах
Үрдүк үүт маҥан халлаан
Сырдык сыдьаан сырайыгар,
Сылаас көпсө-көбүөр буоругар
Үүт-аас бэйэлээх,
Үкээр куйаас тыыннаах,
Үс киис кыыл тириитэ өллүргэлээх
Үрдүк нуоҕай бэргэһэлээх
Үрүҥ Аар тойон оҕонньорго
Киэһээ киирэн эрэр күн
Килбиэнин курдук
Килбиэннээх сирэйдээх,
Сарсыарда тахсан эрэр күн
Сардаҥатын курдук
Сардаҥалаах дьүһүннээх,
Чараас чараастык
Чапчылыйбыт,
Миигэс миигэстик
Мичилийбит
Сылаас тырым харахтаах,
Сырдык сымаан хааннаах,
Ааттаах үтүө
Адьыҥа Сиэр хотунтан
Тоҕус ый хонугун
Толорбокко эрэ
Иирээн эҥэрдэнэн,
Илбис төрүттэнэн,
Ийэтин иһиттэн
Таас-килиэ оҕо
Таралыйа түһээт,
Чачыгыраччы күлэн
"Хара түөкүттэр, хааннаах ыттар,
Хараҥа майгылаахтар, ханньары санаалаахтар,
Үс дойдуну үөннээн-күрдьэҕэлээн сиэбит
Үрдүк сололоохтор, үтүө сурахтаахтар!
Кэниэргэ этэргитинэн,
Кэнтиккэ тэбэргитинэн
Кими куттаары гынаҕыт?
Уоттаах уурааххытын
Уу курдук кэһэр
Уол-оҕо мин төрөөтүм...
Идэмэрдээх илиэһэй бииһин ууһун
Иҥнэри хаамыам, имири быһыам,
Алдьархайдаах адьарай аймаҕын
Алаһа дьиэлэри, аал уоттары
Атахпынан кэһиэм, аамайдыы оонньуом,
Күн ууһун, айыы аймаҕын
Күллэри таптайыам, күдэҥҥэ көтүтүөм...
Аттаахтан кымньыытын ылаҥҥыт,
Алыс байаҥҥыт ахчаччы уойбуккутун,
Сатыыттан тайаҕын ылаҥныт
Сараччы үллүбүккүтүн,
Тосту топпуккутун
Тос-мааскытын көрдөрөрүм буолуо...
Үөһээ дойдуну
Үөгүлэппэтэхпин көрөөрүҥ,
Аллараа дойдуну
Аҕылаппатахпын истээриҥ!
Орто туруу дойдуну
Орулаппатахпын билээриҥ!" — диэн
Өрүтэ мөҥүөлээн тэбиэлэнэрин кытта
Өһөҕөйдөөх Өлүү Чөркөчүөх төрдө
Үөһүн таттаран
Үөгүлүү түстэ,
Соҕуруу соххор холорук халлаан
Сордоҥ балык оҕотун курдук
Өрө түллэҥнээн охсуоланан ылла,
Хаһыыра түстэ,
Хаанынан ытаата,
Оһоллоох орто туруу дойду
Ортотунан куталдьыйан,
Кытыытынан бысхалдьыйан
Кындыас кыыс оҕо курдук
Кыламмахтаан ылла,
Симэһиннээх хаанынан Сиккирэччи ытаата...
Онуоха баара буоллаҕына
Оҕо саҥатын истээт,
Аллараа дойду ааттаахтара,
Аҕа баһылыктара,
Үөһээ дойду үтүөлэрэ,
Үрдүк сололоохторо,
Үс биис баһылыктара,
Үрдүк дуоһунастаахтара:
"Аарт-татай, оҕоллор!!! Алаата, оҕоллор?!!
Абалаах айахтаах, туустаах тумустаах
Түстэ түһээт түөкүн төрүөтэҕэй?!!
Түҥнэри майгылаах, төттөрү санаалаах
Түктэри оҕо төрүөтэ эбээт, бадаҕа?!!
Бии мааҥыа бэйэлээх
Үрүҥ Аар тойонтон үөскээн баран,
Бии мааҥыа бэйэлээх
Адьыҥа сиэр хотунтан төрөөн баран
Туох маннык иирэр бэдик кэлбит бэйэтэй?!!
Туох маннык тосту-туора чугуччу түспүт бэйэтэй?!!
Одун-биис оҥоһуута биллин,
Чыҥыс-хаан ыйааҕа биллин,
Дьылҕа тойон уурааҕа биллин!!!
Биһиги билэрбит билии буолуо дуо?!!
Биһиги көрөрбүт көрүү буолуо дуо?!!
Үрдүктэр биллинэр,
Үтүөлэр көрдүнэр" — диэн,
Соҕуруу соххор холорук халлаан
Содуомнаах бииһин ууһун
Сорсуннаах бэттэрэ,
Алдьархайдаах аллараа дойду
Адьырҕалаах аҕатын ууһун
Аҥаарыйар ааттаахтара:
"Ыарахан тыыннаах,
Ыар санаалаах
Ытык ыалбыт ыаматын
Инньэ-манньа диэтэххэ —
Иҥнэри көрөн иэстии сылдьыахтара...
Ол кэриэтин хата
Одун-биис оҥоһуута
Уоттаах улуу уураахтан
Ураты буоллаҕына,
Биһиги даҕаны көрөн турбат
Билэрбитинэн сылдьар дьон буолуохпут"— диэн
Илиэһэй биистэрэ, адьарай аймахтара
Иҥиэттэ-иҥиэттэ имнэниһэн кээстилэр...
Оннук тылы-өһү истэн баран
Одун-биис, Чыҥыс-хаан, Дьылҕа тойон
Добун маҕан халлааҥҥа
Домньуттара буолбут,
Аҕыс сабыдал халлааҥҥа
Арчыһыттара аатырбыт
Алта Айыы Намыһын удаҕаттарынан
Ала-дьаргыл ап-чарай быатынан
Умса оҕуурдатан ылан,
Уол-оҕону аллараа дойдуга
Үс таҥха-биһик төрдүгэр
Үөһээ дойдуттан үтэттэрэн,
Таҥха биһиккэ
Таҥхалата ыыппыт...
Алта Айыы
Намыһын удаҕаттар
Ала-дьаргыл ап-чарай быанан
Татынньахтыы сытар
Таас килиэ оҕону
Эрийэ охсон, этэ-дьиэһийэн
Эҕирийэллэрин аҕай кытта —
Үс хос үрүттээх
Үрүҥ көмүс көй-уорук дьиэ
Үрдэ үрэллиэҕинэн,
Алта хос дьапталҕа таас муосталаах
Алаһа-бараан дьиэ барахсан
Анна арыллаҥныаҕынан,
Аҕыс уон аҕыс бадьыр баҕана
Айгырыы хамсыаҕынан,
Тоҕус уон тоҕус дуолан тулааһыттар
Толугуруу мөхсүөхтэринэн
Тыс быстар
Тыас тыаһа
Дэриэспэ таас курдук
Дэлбэритэ ыстанна...
Үөһээ дойдуттан,
Үлүскэннээх ааныттан
Халлаан аҥара
Хайдыбытын курдук,
Былыт быһаҕаһа
Быстыбытын курдук
Аллараа дойду диэки
Аан-талҕа таҥнары сатыылаата,
Халлаан хара сааппаһа
Хаһыырбытынан барда,
Хаардаах бугул саҕа
Курай иччилээх,
Куйаар тойуктаах
Тоҕус дохсун холорук
Тоҕо ытыллан түстэ.
Буор баттах
Бурҕайда,
Куо-дапсылҕан дапсыйда...
Куйаар өлүү куорсуйда...
Тырыта тыыппыт курдук
Тыстаах баттахтаах
Лэбийэ хара былыттар
Лэглээрбитинэн бардылар,
Үс күлэр ньүкэн төрдүгэр
Үмүрү ытыллан түстүлэр...
Хоту хоромньулаах халлаан
Холоруктаах кунуһун анныгар
Дьөлөрү үтүгэн айаҕа
Дьөлө ыстанан түстэ,
Тоҕус суор маҥаас тумулу
Тобулу тардан ылла:
Ньирэй оҕо барахсан
Ньиккирэччи ытаабытынан
Аҕыс адаардаах
Алдьархайдаах аартык устун
Ат буолан батыччахтаата,
Сэлээр мэнэрик туойбут
Сэттэ сиринэн симэһиннээх
Дьөлөрү үтүгэн үүтүнэн
Төбөтүн оройунан
Баччыр оҕо барахсан
Баккыраччы ытаабытынан
Баһынан-атаҕынан
Түлэй-балай,
Түҥ-таҥ
Түһэн истэҕэ...
Тойон киһи
Тобугун уҥуоҕа түөрэхтээх,
Хотун дьахтар
Хоолдьугун уҥуоҕа дэпдиргэлээх,
Бөлүөх хаан үктэллээх,
Бөлгөм өһөх сүдүрүүннээх
Хабыалаһар
Хаан Дьалыстыма аартык
Суккуллар куолайын,
Суураллар куттаҕын
Түгэҕэр тиийэн,
Түҥнэри ытыллан,
Илгистэ-эккирии олорор
Идэмэрдээх илиэһэй тумулун
Уһуктаах төбөтүгэр,
Уоттаах ньууругар —
Үс тимир тиҥсири харыйа
Үөрбэ төбөтүн курдук
Тиэрэ-таара эриллэн,
Хардары-таары хатыллан
Хардаҥ эһэ курдук
Хадьырысса сытар силистэригэр -
Үс тимир таҥха биһик
Үөлбүт мунду курдук
Өрө эккирии туралларыгар,
Өһөгөйдөөх өлүү таҥхатыгар
Оҕо тиийэн
Олоро түстэҕэ...
Өһөгөйдөөх Өлүү Чөркөчүөх
Өрө түллэн — үөһүн таттаран
Чачыгыраччы күллэ,
Часкыйбахтыы сытта...
Сидьиҥ сэбэрэлээх,
Сиикэй дьүһүннээх
Абааһы кыыһа Ап-татай,
Арбах-сарай,
Дэлэм ытыс,
Дэгиэ тарбах,
Түптэ кутурук,
Түтүм тэллэх,
Үөннээх өттүк,
Үс сиринэн бөкчөгөр,
Бөлгөм өһөх уобуулаах
Бөҕөлүкээн эмээхсин обургу
Ходьороҥ дьоруонан
Хобуох ойон кэлэн,
Бигээмэхтии-бигээмэхтии
Биэбэй биһик ырыатын
Ыллыы-туойа,
Ытылла-хоххулла,
Ыралыы олорбута үһү...

Личные инструменты
Пространства имён

Варианты
Действия
Навигация
Инструменты