Айыы уола - Көҥүл ырыата
Материал из Саха Тыла
Айыы уола - Көҥүл ырыата
Кэпсээ миэхэ доҕоруом
Ханна көҥүл сир баарын,
Ханна киһи көҥүлү өрө тыынарын,
Ханна, хайа дойдуга киһи көҥүл сылдьарын
Ханна киһи толору дьоллоохпун диирин.
Оуоуоу
Дьоллоохпун диирин
Оуоуоу
Дьоллоохпун диирин?
Ыллаа миэхэ, чыычааҕым, ыллаа ыраах дьиэрэтэн
Ыраас халлаан анныгар күөрэйэн тахсан.
Ханна эн куттаммакка, дьонтон үргэн куоппакка
Ыллыыр хонууҥ ханнатын туоһулаан эн туой.
Оуоуоу
Туоһулаан эн туой
Оуоуоу
Туоһулаан эн туой.
Ыллаа миэхэ гитарам ыраас ыра санаанан
Кэлэр олох дьолугар эрэнэ көрсө.
Ыллаа өссө элбэҕи дьол, үөрүү, кэрэ туһунан
Ыллаа миэхэ дьиэрэтэн көҥүл ырыатын.
Оуоуоу
Көҥүл ырыатын
Оуоуоу
Көҥүл ырыатын.
Оуоуоу
Көҥүл ырыатын
Оуоуоу
Көҥүл ырыатын.