Павел Семенов - Күһүнү таптыыбын

Материал из Саха Тыла
Перейти к: навигация, поиск

Павел Семенов
Күһүнү таптыыбын


C Am F G Күһүҥҥү күн күрэммиттии былыкка саста,
C Am F G Күһүҥҥү сөрүүн тыал аа-дьуотук илгийэн ааста,
F G F G Хагдарыйбыт сэбирдэхтэр үҥкүүлээтилэр,
F G F G Харах уутун санатаннар сиргэ түстүлэр.

Хос ырыата:
F G C Am Ол аата күлүм күммүт
F G C Бүтэhигин сылытта,
F G C Am Ол аата Ийэ Айылҕа
F G C Нухарыйан барда.

Баҕарбатах курдук аргыый ардах таммалыыр,
Быылынан туолбут салгыны кини ыраастыыр,
Түүнүн аайы сулус үөрэ халлааҥҥа хойдор,
Үрүҥ түүнү мэлдьэспиттии ый үөhэ ойор.

Хос ырыата:
Ол аата үрүҥ түүммүт
Биhигини хаалларда,
Ол аата Ийэ Айылҕа
Нухарыйан барда.

Бу курус кэмҥэ сир барыта
Буомуран, утуктаан хааларын аахсыбакка,
Тоҕотун бэйэм да билбэккэ
Күhүнү, күhүнү таптыыбын,
Күһүнү эрэ мин саныыбын...

Личные инструменты
Пространства имён

Варианты
Действия
Навигация
Инструменты