Павел Семенов - Ийэбэр
WikiSysop (обсуждение | вклад) |
|||
Строка 42: | Строка 42: | ||
Олох күндүтүн эн көрдөрбүккэр. <br> | Олох күндүтүн эн көрдөрбүккэр. <br> | ||
<br> | <br> | ||
− | [[Категория:тексты песен]] | + | [[Категория:тексты якутских песен]] |
Текущая версия на 21:31, 23 апреля 2007
Павел Семенов
Ийэбэр
("Бар дьоммор" альбомуттан, 1998)
Аm Dm
Тугу этиэм этэй эhиэхэ мин?
E Am E
Ырыам тыла олус да сымсаата.
Аm Dm
Тулабар кыыдамныыр хаар кыырпаҕын
E Am E
Ытыhым үрдүгэр уулларабын...
G C
Күн-күбэй Ийэбэр анааммын
Dm E
Арай тиэрдиэм мин үрдүк махталбын!
G C
Оҕо сааспын санаан улааппыппар,
Dm E Am
Бар дьонум алгыhын ылыммыппар.
Хос ырыата:
F G C
Махтанабын, махтанабын!
Dm E Am
Эйиэхэ, Күн-күбэй Ийэбэр!
F G C
Махтанабын, махтанабын!
Dm E Am
Эhиэхэ, бар дьоммор!
Хайыаҥ этэй алҕаhаабыт күммүн -
Өр сурук суруйбатах буруйбун?
Түүн-күнүс утуйбатах күннэргин
Кэмсинэҥҥин кэлин кэпсээбэккин...
Күн-күбэй Ийэбэр анааммын
Арай этиэм мин күүстээх тапталбын!
Үөрүү-хомолто диэни билбиппэр,
Олох күндүтүн эн көрдөрбүккэр.
Аккорды песни прислал:
Zeed