Михаил Семёнов - Оҕо саас
Материал из Саха Тыла
Михаил Семенов
Оҕо саас
Эргэрбит хаартыскалары эмиэ ылан көрөбүн,
Эргийбэт дьоллоох сыллары эймэнийэ өйдүүбүн.
Санаан кэллим оҕо сааhым саппаҕырбат кэмнэрин,
Сарыгырар саҕахтарын, сырдык, бэлиэ күннэрин.
Хос ырыата:
Оспот баастыы, одун тыллыы, отой хаалбат оҕо сааhым,
Куппун-сүрбүн кутурутан куруук аймыыр кулуhунум.
Эргиллэбин мин санаабар элэккэй оҕо сааспар,
Эйэлээх кэрэ сылларбар, эриэккэс ахтылҕаммар.
Эргэрбит хаартыскалары эмиэ ылан көрөбүн,
Эргийбэт дьоллоох сылларбын, эрэллээх доҕотторбун.
Хос ырыата:
Дьоллоох буолуҥ, доҕотторум, дьоhун-мааны дьон дэтиҥ,
Ыра санаам ырыатыныы ыраас сырдык ыллыктаныҥ.