Спиридон Максимов - Айанньыт
Спиридон Максимов
Айанньыт
.----Am-------------------
Биир олохтон хал буолан,
.C--------------------
Доҕотторгуттан кэлэйэн,
D-------------------
Айан дьикти абылаҥар
Em
Абыралгын көрдөөтүҥ.
Араас дойдуларга сылдьан,
Араас дьоннуун кэпсэтэҥҥин,
Олоҕуҥ сыалын-соругун
Син биир булан ылбатыҥ.
Хос ырыата:
.-----F--------G
Айанньыт, оо тоҕо
.------C----------Am
Эн хардыыҥ кыараата?
.-----F--------G
Айанньыт, оо тоҕо
.-------C---------Am
Эн хаамыыҥ бытаарда?
.------------F--------G
Аймахтаhар дьоннору аны
.-----------F-------------Am
ОО ,Айанньыт, эн булуоҥ суоҕа.
.----F----------------G
Эйиигин аhынар дьоннору
.------Em-Am
Булуоҥ суоҕа.
Араас дойдуларга сылдьан,
Араас өйдөр-санаалар
Эн төбөҕүн буккуйаннар,
Ууга-уокка түhэрдилэр.
Араас ааннары арыйан,
Ыар олоххо баттатаҥҥын,
Алҕастарыҥ, аргыстарыҥ
Аймаатылар эн суолгун.