Дапсы - Тохтооҥ дуу туруйалар
Материал из Саха Тыла
Тоохтооҥ дуу, туруйалар, кимтэн бачча хоргуттугут?
Доҕордуубут үрдүнэн тоҕо бачча үрдүбүнэн биhигини тумуннугут?
Урут манна саас-күhүн арыы хатыҥ анныгар
Чараҥ чаллаайы ньууругар үҥкүүлүүргүт өрүүтүн.
Хос ырыата:
О, тохтооҥ, туруйалар,
О, тохтооҥ, туруйалар.
Тоохтооҥ дуу, туруйалар, номоххо киирбит толоон
Дабыдалгыт сылайдаҕа, куртаххыт да курулуйдаҕа, утаттаххыт да буолуо.
Күммүт лаппа киэhэрдэ, уулаах халыҥ былыттар улам хойдон бардылар,
Тымныы тыал сайа үрдэ.
Хос ырыата.