Jeada - Мин Сахабын

Материал из Саха Тыла
Перейти к: навигация, поиск

хос ырыата:
Мин Сахабын, элбэхтэн биири талабын.
Таайабын, ыраас кэскил күүтэр дуо
Саханы? Ол даҕаны билигин саарбахтыыбын,
Ол иһин сабабын мин харахтарбын...

хос ырыата

Мин Сахабын билэбин. Бүтүн улуус
Дьиҥ сахалыын олох суолун устун тутус!
Ийэ буорбут быыл тумаҥҥа сүтэрдэ
Айылҕаттан бэриллибит кутун-сүргэтин...

Саха Сирэ Сахаларга анаммыта буоллаҕа!..
Ол эрээри норуот баҕа санаата туолбата...
Туох иһин мэнээх Сахалар аччаатыбыт?
Тарбахпынан көрдөрөбүн: быйыл биһи баччабыт...

Сахалар бары биир буоламмыт улаатан
Баһылаан ылыаҕын Улуу Омук аатын!
Мэлдьи атын дьоҥҥо илии-атах буола сылдьаммыт
Эстии көнө суолугар былдьанныбыт...

Турунабыт саҥа сыалга - бутэрбэккэ умнабыт.
Дойду туппат буолан сүүһүнэн баранабыт...
Ол эрээри ханна да мин киэҥ туттабын
Хайа баҕар ыйытыыга мин хоруйдуубун:..

хос ырыата

хос ырыата

Тулабын көрүнэбин - туох иһин кыбыстабыт?
Аламай сырдык күҥҥэ ууналлар ытыстарбыт.
Өрүстэр, хонуулар - бу биһиги баайбыт!
Киэҥ, ыраас, сырдык тапталлаах кыраайбыт!

Таайбыт курдук бары тиэр хайыһа көрөллөр,
Ол иһин даҕаны биһини бары сөҕөллөр...
Субу-субу көстөллөр өлөрүүлэр-сүтүүлэр...
Бэйэбит да аҕыйахпыт, ону биһи аахайбаппыт.

Мин Сахабын, атыммын, билэбин
Кыра-хара норуот хайдах курдук олорорун.
Сотору күн тахсыа, халлааҥҥа ойон туруо!
Ол эрээри уруккубут салҕанан бара туруо...

Туох бары тиллиэ, силигилиэ үүнэ-чэлгийэ
Арай Саха эрэ бэйэ-бэйэтин кэлгийиэ...
Тиийиэ дуо мин тулуурум, көрүөм дуо мин
Сахам Сирин сайдыытын, үөһээ өрө дайыытыын?..

Личные инструменты
Пространства имён

Варианты
Действия
Навигация
Инструменты