Ый Кыыһа (Девочка на луне)

Материал из Саха Тыла
(Различия между версиями)
Перейти к: навигация, поиск
 
м
Строка 1: Строка 1:
'''ЫЙ КЫЫҺА'''
 
Биир ыалга тулаайах кыыс иитиллибит үһү. Ол кыыһы дьиэлээх дьахтар күһүҥҥү тымныы киэһэҕэ уу бастара ыыппыт.  Ыйдаҥа киэһэ уолдьаабыт. Кыыс тоҥон муҥатыйбыт: «Бу сордоно сылдьыам кэриэтин күнү кытта күн, ыйа кытта ый буолан хаалларбыан», - диэн.
 
Версия 07:42, 4 января 2007

Биир ыалга тулаайах кыыс иитиллибит үһү. Ол кыыһы дьиэлээх дьахтар күһүҥҥү тымныы киэһэҕэ уу бастара ыыппыт. Ыйдаҥа киэһэ уолдьаабыт. Кыыс тоҥон муҥатыйбыт: «Бу сордоно сылдьыам кэриэтин күнү кытта күн, ыйа кытта ый буолан хаалларбыан», - диэн.

Кыыс далаһатыгар киирэн туран муҥатыйбытын күн, ый уонна сир истибиттэр.

Онтон күн эппит: «Сир-сир эйиигин атаҕастыыр, миэхэ тахсан хаал», - диэн.

Онно хардаран сир этэр: «Күҥҥэ-күҥҥэ тахсыма, буһан өлөн хаалыан: Ийэ сиргэр – миэхэ хаал», - диэн.

Ый этэр: «Сиргэ-сиргэ хаалыма, син биир аас-туор олохтонуоҥ, миэхэ тахсан олор», - диэн.

Кыыс толкуйдаммыт: «Күҥҥэ таҕыстахпына, тыыннаахтыы буһан өлуөм, оттон сиргэ син сордоно сылдьыам, айылааҕын ыйга тахсыыһыбын», - диэн. Ол кэннититтэн, кыыс эппит:

«Ый-ый, чэ таһар, эйиэхэ тахсарга баҕалаахпын», - диэн. Ону истэн ый буурҕанан эргиттэрэн кыыһы таһаарбыта үһү.

Онтон ыла ыйга кыыс оргуһуохтаах ыаҕаһын сүкпүтүнэн турар иччи буолта үһү.

Личные инструменты
Пространства имён

Варианты
Действия
Навигация
Инструменты