Николай Андросов - Ийэбэр
Материал из Саха Тыла
Версия от 01:20, 3 декабря 2006; 194.85.82.254 (обсуждение)
Николай Андросов
Ийэбэр
. Am C
Ытаама, ийэкээм, ытаама,
. Dm E
Хомото-хоргута сылдьыма,
Бу сиргэ дьиҥнээхтик мин эрэ
Эйигин таптыыбын, өйдүүбүн.
.F Dm E
Мин уйан сүрэхпин аймаама,
F Dm C
Эн ыраас көмүскэҥ уутунуу,
.Dm G C Am
Сып-сырдык чаҕылхай иэйиибин
Dm E Am A
Күөдьүтэн умаппыт буолаҥҥын,
Dm G C Am
Таптыаҕым эйигин, ийэкээм,
Dm E Am
Сүрэҕим тэбэрин тухары.
Ыллаама, ийэкээм, ыллаама
Кэмсинии, суланыы ырыатын.
Бу сиргэ дьиҥнээхтик мин эрэ
Эйигин таптыыбын, өйдүүбүн.
Сып-сылаас илиигиттэн сиэтэммин,
Бигэтик, этэҥҥэ хаамсыахпыт,
Таптыаҕым эйигин, ийэкээм,
Сүрэҕим тэбэрин тухары.