Михаил Семёнов - Сулустар
Михаил Семенов
Сулустар
. Em Am H7
Күһүҥҥү хараҥа түүннэри
. Em Am D7
Барыттан ордорор эбиппин,
. G Am H7
Ол эрэн аймыыллар сүрэхпин
. C H7
Тоҕотун мин бэйэм билбэппин.
Мин манна харданы көрдүүбүн
Үөр сулус чаҕылхай уотугар,
Билэргит буолуо да сулустар
Түүн ахсын мин тугу түhүүрбүн?
Хос ырыата:
. Am D7
Аргыыйдык умайар чумэчим
. G H7 Em
Күөдьүтэр араас үөр толкуйу,
. Am H7
Ханнык мин оҥордум буруйу
. Em
Тоҕо дьиҥ аналбын билбэтим?
Сулустар, мин өссө эдэрбин,
Өссө да этиэхпин этиэҕим.
Бар дьоммор кэрэни тиэрдиэҕим.
Дьоллонуом - мин ону билэбин
Ыйытыҥ - харданы булуоҕум.
Күнтэн күн эбиллэр эрэйтэн
Олоҕу олорон үөрэнэн
Бу сиргэ дьоллоох мин буолуоҕум.
Хос ырыата:
Аргыыйдык умайар чумэчим
Күөдьүтэр араас үөр толкуйу,
Ханнык мин оҥордум буруйу
Тоҕо дьиҥ аналбын билбэтим?
Сулустар, мин өссө эдэрбин,
Өссө да этиэхпин этиэҕим.