Дьулуруйар Ньургун Боотур - Эпиграф

Материал из Саха Тыла
(Различия между версиями)
Перейти к: навигация, поиск
 
Строка 38: Строка 38:
 
<br>«Ноо!» диирэ эбитэ үһү…
 
<br>«Ноо!» диирэ эбитэ үһү…
  
[[Подкатегория:Дьулуруйар Ньургун Боотур]]
+
[[Категория:Дьулуруйар Ньургун Боотур]]

Текущая версия на 13:08, 10 марта 2008

[править] "Дьулуруйар Ньургун Боотур"

Талаар налыы хонулаах,
Талба нарын талахтаах,
Ыллыыр ымыы чыычаахтаах,
Ырыаһыт ыллам дьонноох
Тата эбэ хотуҥҥа
Талбалаан үөскээбит
Ойуун ууһа удьуордаах
Ойуунускай оҕочос
Суоһурҕанан олорон
Сурдурҕаччы суруйбут
«Дьулусханнаах дьулуо маҥан халлаан
Дьураатыгар тура төрүөбүт
Дьулусхан субуйа сүүрүк
Дьуура хара аттаах
«Дьулуруйар Ньургун Боотур» диэн
Саас-үйэ тухары
Саха хаан аймаҕар,
Кэнчиэри ыччатыгар
Кэрэ кэпсээн буолар
Отут суол олоҥхоттон
Оҥоһуллубут олоҥхо.


Олоҥхолоон оҕонньор барахсан
Оллоонноон олорон эрэ
Олоҥхо номоҕо оҥомстон,
Аан-ийэ дайды айыллыбытын,
Алаҕаркаан-тэтэгэркээн
Алтан араҕас далбардаммытын
Дьэрэкээн ойуу курдук
Дьэргэлдьитэн түстэҕинэ,
Эриэккэстик этэн-тыынан
Эҕилдьитэн киирдэҕинэ-
Унаа-мунаар көрбут
Урааҥхай Саха барахсан
Нохтолоох тойон сүрэҕэ долгуйан
«Ноо!» диирэ эбитэ үһү…

Личные инструменты
Пространства имён

Варианты
Действия
Навигация
Инструменты